Page 107 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 107

эрдэҕинэ, ылбыт буоллаххына, ылбытым диэн, тугу-тугу ыл-
быккын ааҕан кулу.

    К у у һ у м а. Ити киһи биһиэхэ бэҕэһээ киэһэ бэрт хойукка
дылы олорон тахсыбыта, ол үрдүгэр ити мин луоскам ман-
тан көстүбүтүн быһыытынан, мин санаам киниэхэ эриллэр.
Кинээс, туоһулартан ыйыт, кинилэр хайдах саныыллар эбит.
Урукку өттүгэр, кырдьык, куһаҕанныыбыт суоҕа, онон ылбыт
үбүн барытын билинэн биэрэр буоллаҕына, ирдэһэ, үҥсэ да
барыам суох этэ, кинини да куһаҕаҥҥа тиэрпиппиттэн миэхэ
үтүө кэлэрэ биллибэт. Бэйэтэ даҕаны ороскуот, алдьархай
түктэмэрдээх буолар эбит. Бөлүүн биир атыырым үөрэ сылгы
дьаҥыгар оҕутта.

    Б ы л а т ы а н. Сөп. Дьэ, Уйбаан, бу Дьэкиим бэйэтин орто-
тугар тугу саныыргын бирисээгэлээх тылгынан этэн иһитиннэр
эрэ.

    У й б а а н (турар). Мин тугу билиэмий. Кырдьык, ити Дьэ-
киим мин утуйаары турдахпына, мин дьиэм таһынан Кууһума
оҕонньорго баран иһэбин диэн ааспыта. Бу сарсыарда буол-
лаҕына, тура иликпинэ, киһи кэлэн, ампаар алдьаммыт, ба-
ра охсуоҥ үһү диэн тыллаата, онон өссө чэйдээбэккэ, тураат
сылдьабын. Кырдьык, ити оҕонньор луоската мантан көһүннэ,
онтон антах бэйэҕит билиэххит буоллаҕа дии, мин ханна да
этэр тылым ити…

    Б ы л а т ы а н. Нохолоор! Оттон эһиги?
    Д о р о п у у н (туран). Бэҕэһээ ыкса киэһэ Дьэкиим ити уба-
йым оҕонньорго баара, онтон ордугу тугу да билбэппин.
    С э м э н. Мин эмиэ итини эрэ билэбин. Бөлүүн түүнү быһа
сылгыларбытын кытта мөхсө сылдьыбыппыт.
    Б ы л а т ы а н. Ити эппит тылгытын өйдүөҥ. Мин суруксута
суох киһи тугун бириинчиктиэмий. Мин силиэстийэ оҥорор
ыйааҕым да суох, онно ыйаахтаах суут ыйытыа, мин дуоһу-
настааҕым эрэ быһыытынан сылдьабын.
    Д ь э к и и м. Доҕоттор! Кырдьык-хордьук этэн-саҥаран ба-
раары гынныгыт дуу? Өссө мин «оонньууллар дуу» диэбитим
ээ… Эһиги алҕаһаары гынныгыт ээ, мин сааспар дьон билии-
тинэн уоруйах уорбатах, киһи босхотугар ымсыырбатах киһи-
бин. Итэҕэйбэт буоллаххытына, дьэгдьийиҥ, мин туохпун даа
кистиэм суоҕа. Ол бэҕэһээ киэһэ суха уларса сылдьан баран,
сонтон судургу кэлэн утуйбутум. Кырдьыгы буларга оҥоһуллу-
бут тойон буолларгын, миигин бу суолтан быыһаа.
    К у у һ у м а. Лабыҥхалаама, доҕор. Кырдьыккын, сымыйа-
ҕын суукка тиийэн ыраастанаар. «Сүтүктээх сүүс айыылаах»

                                                                                                                                     107
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112