Page 105 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 105
Д ь э к и и м. Чэ, ити кэпсээн хааллын. Хата, аара Уйбаан-
наахха сырыттыҥ дуо?
Б а һ ы м н ь ы. Суох, ол киһи миигин аанньа ахтыбат, батан
таһаарар, иирбиккин диир. Күлүү оҥостор. (Чэйдээн бүтэр.)
М а а б ы р а иһитин хомуйар, тахсар.
Б а һ ы м н ь ы (табах тардар). Абааһы араас буолар эбит.
Торбос абааһыта диэн баар, ол эрэйдээх бэйэтэ даҕаны кып-
кыра баҕайы, кини аһылыга торбос эрэ, улахан ынаҕы кыа-
йан сиэбэт, тииһэ хоппото буолуо ээ. (Күлэр.) Киһини сиэччи
улахан абааһы баар, дьэ ол ынырык дьүһүн. Быһатын эттэххэ,
барыта барытыгар тус-туспа анал абааһы үөскүүр эбит. Кыа-
йардарыҥ ол да иһин элбэхтэр эбит. Сорох киһи иһигэр абаа-
һы киирбэт эбит, сирэрэ эбитэ дуу? Дьэ бии ол иһин, ити
араас иирсээн буолар эбит буоллаҕа. Онон киһиэхэ барыты-
гар тэҥ ахсааннаах абааһы киирэрэ буоллар, туох да иирсээн
суох буолуо эбитэ үһү. Оччоҕо үчүгэй буолуо этэ. Ким да кими
да кыайан сиэ суоҕа этэ. Хор, ол курдук дьаабы буолан ту-
рар. Үөр абааһыта диэн баар, ол тугу да кыайан сиэбэт, кини
киһини тыҥыраҕынан кымаахтаан ыарытыннарар. (Күлэр.) Ол
үөдэн тугу аһыыра эбитэ буолла? Абааһылар тугу аһаан тотол-
лоро эбитэ буолла? Оттон таҥара соҕотох үһү. Ол гынан ба-
ран, абааһылары, киһилэри кыайар дииллэр уонна тоҕо көҥүл
ыытара эбитэ буолла. Мин, таҥара эбитим буоллар, абааһыны
барытын суох гыныам этэ. Хор, оннук дьаабы. Таҥара аһы-
ныылаах сурахтааҕа, миигин аһынаа ини, баҕар, абааһы да
аһыныа, туох да билбэт. (Күлэр, ыт үрэр, Баһымньы тохтуур.)
ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга Т и и т э п атах сыгынньах этэрбэһин тутан киирэн
хаҥас диэки олорон таҥнар.
Д ь э к и и м. Дьэ турдуҥ дуу? Ыт тугу үрэр?
Т и и т э п. Хас даа киһи иһэр. Ааһаллар дуу, киирэллэр дуу?
(Таҥнар.)
Б а һ ы м н ь ы. Оччоҕо мин барыыһыкпын, аны абааһы ис-
тэригэр киирбит дьоно кэлэн миигин сиэхтэрэ. (Турар.) Абаа-
һы мунньаҕар сылдьыам этэ, мин онно дьокутаат буолтум ээ.
Дьэкиим ити мэлдьи илиигин иллэҥнээбэккэ үлэлии олороруҥ
үчүгэй. Дьааһык киэһэ, кэбис, барабын… (Күлэр, тахсар.)
105