Page 123 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 123

Тиитэп олорор.

    М а а п п а. Тоҕо сылдьыбат буолан хааллыҥ? Хоргуттуҥ дуу?
    Т и и т э п. Туохтан хоргутуомуй? Хата үнүрүүҥҥү кэпсэтии-
битин ыйыта кэллим. Хайа, эн туох диигин?
    М а а п п а. Туох диэмий. Сөбүлүүбүн диэн уруккуттан этэр
буолбаппын дуо? Аҕам сөбүлээбэтэ биллэн турар, киниттэн
туох даа үтүөнү күүтүөххэ сатаммат.
    Т и и т э п. Эн бэйэҥ эрэ сөбүлүүр буол, ол аҕаҥ туһа туспа
кэпсэтии буолуо… Хата үөрүүгэ уураһан кэбиһиэх. (Уураһал-
лар.) Ол аҕаҥ сөбүлээбэтэ туох буолуой, наай гыннар тугу да
биэриэ суоҕа. Биһиги уу ньирэй оҕолор буолбатахпыт, син
улааппыт, үлэни-хамнаһы кыайар буолбут дьоммут, туохпут да
суоҕун иһин, айахпытыгар аһы булан аһыахпыт.
    М а а п п а. Мин даа инньэ дии саныыбын. Ол эрээри хай-
дах эрэ сатаммат курдук буолар ээ. Төрөөбүт аҕа диэн эмиэ
улахан.
    Т и и т э п. Аҕаҕыттан кистээн бэргэһэлэнэн кэбистэхпитинэ,
кини даа буолтун иһин тугу гыныай… Ону эн да сөбүлүүр буол-
баккын дуо?
    М а а п п а. Мин эн этэргин барытын сөбүлүүбүн. Бии эн
этэргэр дылы, туохпут да суоҕун иһин, үлэлээн да айахпытын
ииттиэхпит. Аҕабыттан хоргуппутум даа бэрт, баттыырын, сын-
ньарын санаатахпына, туохтан да харыстаныах санаам кэлбэт.
Ол даа гыннар… Хайдах эрэ ыарахан ээ…
    Т и и т э п. Ыарахана диэн туох баарый?
    М а а п п а. Эн… Эн аҕаҥ биһиги холбоһорбутун сөбүлүө
дуо?
    Т и и т э п. Тоҕо сөбүлээбэт буолуой? Эрэбил сөбүлүө дии
саныыбын. Холобур, сөбүлээбэт да буоллаҕына, мин бэйэм
сокуоннай сааспын сиппит киһибин. Киниэхэ ама бокуой биэ-
риэм дуо? Бэргэһэлэнэн баран, туһунан ыал буолан быккы-
раан олоруохпут. Мин тойон, эн хотун буолуоҥ. Биһигини
мөҕөр-этэр киһи да суох буолуо, бэйэбит баспытын бэйэбит
билиэхпит. Тоҕо баҕас үчүгэйэй! (Күлэр.) Мин биэс анал ынах-
таахпын, ону ылыахпыт. Мин от охсуом, мас мастыам. Эн …
    М а а п п а. Мин ынах ыам, ас астыам, эн таҥаскын оҥо-
руом. Мин барыны бары сатыыбын ээ.
    Т и и т э п. Ол курдук иккиэн сүбэнэн бэйэбит тус инниби-
тигэр сылайыахпытыгар дылы үлэлээн-үлэлээн бараммыт, бу
курдук иккиэн кэккэлэһэн олорон үөрэ-көтө, кэпсэтэ-ипсэтэ,
чэйдии олордохпутуна дэлэ минньигэс, үчүгэй буолуо дуо, ээ?!

                                                                                                                                     123
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128