Page 93 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 93

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

    1. 1878 сыллаахха А. Е. Кулаковскай «Ырыа-хоһоон», 1990
        сыллаахха нууччалыы «Сновидение шамана» таһаарыыга
        киирии тылы тэҥнээн ырытыҥ. Кэм-кэрдии уратыта, олох
        тутула киһиэхэ дьайара ханна ордук чаҕылхайдык көстөрүй?

    2. Кини 1912 сыллаахха суруйбут «Письмо к якутской интел-
        лигенции» үлэтин сүрүн санаалара «Ойуун түүлэ» поэмаҕа
        хайдах алтыһарый? Сурук бүгүҥҥү киһиэхэ, олох көстүүтү-
        гэр сыһыана.

    3. «Ойуун түүлэ» поэма тутула.
    4. Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматыгар туһанар уус-

        уран ньымалара.
    5. Суруйааччы айар үлэтигэр норуот тылынан уус-уран айым-

        ньытын сабыдыала.
    6. Кини айар уус-хомоҕой тылын, дьүһүннээһинин, өйүн-санаа-

        тын төрүттэрэ.

       АНЕМПОДИСТ ИВАНОВИЧ СОФРОНОВ — АЛАМПА
                                      (1886—1935)

    Сахалыы уус-уран суруйуу бары сү-
рүн көрүҥүн: кэпсээнинэн, хоһоонунан
суруйууну, драманы төрүттэспит, саха
тыйаатырын олохтообут улуу суруйаач-
чы А.И. Софронов—Алампа уустук оло-
ҕу олорбута. Ол эрээри кырдьаҕас,
кыаммат дьоҥҥо иитиллибит оҕо саа-
һа, үөрэххэ, сырдыкка тардыһыы тута
туолбат ырата кини сайдарга дьулуу-
рун бохсубатахтара. Айар, суруйар та-
лаана аһыллан, Алампа норуокка киэҥ-
ник биһирэммит уйаҕас тыллаах хо-
һооннору, кэпсээннэри суруйбута.
Н. В. Гоголь, А. П. Чехов, Л. Н. Толстой
драмаларын сахалыы тылбаастаан, суфлёрдаан, сыанаҕа ту-
руорсан, оруолларга оонньоон баран, бэйэтэ 1914 сыллаахха
маҥнайгы аатырбыт драматын «Дьадаҥы Дьаакыбы» суруйбута
илииттэн илиигэ тарҕаммыта, дьон-сэргэ биһирээбитэ. Онтон
ыла олох, сиэр-майгы туһунан «Таптал» (1915—1916), «Олох
дьэбэрэтэ» (1919), «Кэччэгэй кэриэһэ суох» (1918—1919),
«Олох оонньуура» (1918—1921), «Эргэ сүктэр кыыс» (1926),

                                                                                                                                      93
   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98