Page 89 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 89
Өрө сэтэрэн,
Өргөс кылааны
Өрө үүннэрэн,
Хаҥыл сүрэҕи
Хабараансытан,
Хатан тимир халтарыйар
Хабараан санааны ылынан,
Ыстаал тимир сынтарыйар
Ыйыллаҕас санааны ылынан,
Арайбакка-чачайбакка,
Мөлтүөбэккэ-ахсаабакка,
«Бэркэ гыннар
Бэйэбит эрэ өлүөхпүт,
Наай гыннар
Аан дойдуттан арахсыахпыт», — диэн
Биири эрэ бигэтик саныыр буолуҥ,
Соҕотоҕу эрэ чопчу саныыр буолуҥ,
Тууратын эрэ тобулу саныыр буолуҥ», —
дииллэрэ.
Манан буоллаҕына,
Мас курдук олорон хаалымыаҕыҥ: —
Бараныахпытыгар диэри
Барсыспахтаан хаалыаҕыҥ,
Тобоҕолонуохпутугар диэри
Муҥнаспахтаан охтуоҕуҥ,
Бүтүөхпүтүгэр диэри
Мөккүспэхтээн өлүөҕүҥ…
Уруккута биһиги,
Бу да буолларбыт,
Өбүгэлэрбит үйэлэриттэн ыла
Үтүрүллүбүппүт иннигэр,
Өлөн биэрбэт үөстээх
Үөдэттэр этибит,
Омоҕой баай оҕонньортон ыла
Сойуолаппыппыт иһин,
Охтон биэрбэт оҥоһуулаах
Омукчаан оҕото этибит.
Эр соҕотох Эллэй
Эһэбит саҕаттан ыла
Эккирэтиллибиппит иннигэр
Эмсэҕэлээн биэрбэт
Эрэйдээхтэр этибит…
89