Page 91 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 91
Куудьуйан ылан,
Буор куппутун буҕатытыаҕыҥ…
Итиччэлэргэ буоллаҕына,
Кинилэр диэтэх дьон
Кэлбиттэрин иһин,
Тиис — тиискэ,
Муос — муоска,
Туйах туйахха буоллаҕына,
Онтон анараа өттүгэр —
Айыҥат хаан анабыла,
Таҥха хаан таҥхата,
Дьылҕа хаан дьылҕата
Сиргэ түспүт кэскилбитин
Киминэн тэрийбитэ,
Окко түспүт оҥоруубутун
Тугунан олохтообута —
Ол билиэ этэ буоллаҕа дии,
ноколоор,
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом.
***
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо,
Онолҕонноох тойукпутун
Умсары тускулаамаҥ даа!
Аҕыс сандаар маҥан халлаан аҕалара,
Ааттаһыылаах ньаныарбытын
Таҥнары таҥхалаамаҥ даа!
Сэттэ килбиэн-киҥкил халлаан кинээстэрэ,
Кэниэрдээх кэбириниибитин
Кэдирги кэскиллээмэҥ даа!
Тоноҕостоох бэйэм нусхайдым,
Бүлгүннээх бэйэм бүргүйдүм,
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйдүм,
Үс сырдык күлүккүтүгэр
Үгүрү-сүгүрү буоллун!..
Төлкөлөөх түөнэ маҕан түөрэх
Очурга оҕустарар,
Тэхтиргэ тэптэрэр,
Түҥнэстэ түһэр буолаайаҥый!
Тускуо!
1910 сыл, Хачыкаат сирэ
91