Page 87 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 87
Дьоҕуланан хаалта үһү» диэн…
Ааттаах омуктар
Араҕас майдаан аккыымаларыгар
Анньан кээстэр эбит:
Оччугуйдаах улахан омук
Ойоҕолоһон олохсуйдахтарына,
Оччугуйа сордоох
Омуллан хаалар баҕадьы диэн;
Үтүөлээх мөкү омук
Үтүрүһэн үөскээтэҕинэ,
Үтүөтүн тыынын уйбакка,
Үрүҥ күнтэн сүтэр
Үгэстээх буолар диэн;
Кырдьаҕастаах кыра омук
Кыттыһан олохсуйдаҕына,
Кыччыгыйа сордоох
Кыайтарар кырыыстаах буолар диэн.
Ол курдук
Олус элбэх
Оччугуй омук
Орто дойдуттан
Омуллубута үһү.
Баһаам элбэх омук
Баранан хаалта баар үһү.
Тыһыынчанан суол омук
Тыына тымныйбыта баар үһү.
Ала-чуо биһиги
Араан тыа буолан
Арыыланан хааларбыт
биллибэт…
Чыҥыс Хаан ыйааҕа
Ыксары буоллаҕа,
Одун Хаан оҥоруута
Улахан буоллаҕа,
Таҥха Хаан таҥхата
Таҥнары эбит буоллаҕа…
Уо! Уһун сордоохтор!
Өспүт өйбүт туомун
Үс хос тимир курдуу уобуруччу
Бобо тута сылдьар
Буомнаах бириэмэтигэр
Бу сордоох буомча
87