Page 80 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 80
Илбистээх сэбинэн ииктээтилэр,
Алдьархайдаах дьаадаранан саахтаатылар,
Аптаах сэбинэн аһайдаатылар.
Тимир суол тилигирээтэ,
Тэлигирээп тэһииргээтэ,
Тэлэпиэн тэбиэһирдэ,
Тэргэн саа тигинээтэ,
Үрэр саа үлүһүйдэ,
Сүнньүөх буулдьа сүлүһүннүрдэ,
Кыырыктаах үҥүү кыдьыгырда,
Ыстаал ыстыык ыныгырда,
Хатан батыйа хааннырда,
Уһуктаах тимир унньугурда,
Биилээх тимир илбиһирдэ,
Кириэппэс бөҕө иҥнэһиннэ,
Куорат бөҕө кураанахтанна,
Күбүөрүнэ бөҕө күл-көмөр буолла.
Киһи бөҕө кэбэхтэннэ,
Сэрии бөҕө сэймэктэннэ,
Хамаанда бөҕө хампарыйда.
Эҥинэ да бэйэлээхтэр
Иҥнэһиннилэр.
Дьороҕоно да сотолоохтор
Тоһутталаннылар,
Үтүө да мөссүөннээхтэр
Үлтүрүйдүлэр.
Дьаамаҕа баппат
Дьаргыл уҥуох
Дьаарыстанна.
Умуһахха баппат
Уһун уҥуох
Урусхалланна,
Ииҥҥэ баппат
Ийэ куҥ
Илдьирийдэ,
Көҕүс хаана
Көҥүс үрэх буолан
Көҥүтэ сынньан түстэ.
Элбэх бириэмэҕэ,
Өр күҥҥэ,
Уһун хонукка
80