Page 67 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 67

Олус даҕаны
                       Оонньоон эрэр.

                              Итини истэн-билэн,
                              Иирээн төрдө буолбут
                              Иирэр илбис кыыһа
                              Тиил тилинньэх,
                              Лабаа тохтунар,
                              Торҕо түүрэй,
                              Куо-Кустуктай обургу
                       Бэркэ-бэркэ эрсэҥнээн,
                       Кэлэн-баран дьирбиитээн,
                       Сэттэ омук
                       Сэгээк ырыатын ыллаан,
                              Аҕыс омук
                              Айдаан саҥатын айааран,
                       Тоҕус омук
                       Ходьоох тойугун туойан
                              Аххан эрэр…

                       Дом-дом-дом!..
                       Дом-ини-дом!..

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

     1. Кэрчик этэр санаатын илдьиритиһиҥ.
          Айыы намыһын ойуун бастаан көрүүлэнэн туох түмүгү
          оҥордо?

     2. «Иннинэн сирэйдээх,
         Эргийэр иэччэхтээх
         Икки атахтаах иэдээнэ»
         туохтан төрүттэнэр диэн ойуун көрүүлэнэрий?

     3. «Олустук тутунна,
         Салаҥнык сананна,
         Сэттээхтик кэбилэннэ»
         диэн туох туһунан этиллэрий?

     4. Айыы таҥаратын дьүүлүн араҥалаан ырытыһыҥ.
     5. «Үлүгэр-алдьархай төрдө

         Үксүүртэн үөдүйэрин
         Өйдүөбэккэ өлбүттэр»
         диэн этии туох ис номохтооҕуй?
     6. Ойуун киһи аймах устуоруйатын ханнык чахчыларыттан
         салларый?

                                                                                                                                  67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72