Page 63 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 63
Кыдьык-кыыбаҕа курдук,
Кыайан туран кыдыйда,
Сидьиҥ өлүү көрдүк,
Ситэн туран сиэтэ…
Бэйэтэ буоллаҕына,
Элбэх диэн иирээннээх мэйиилэннэ,
Үгүс үлүгэр үөдэннии өйдөннө,
Салаҥкый баҕадьы сахтыы санааланна.
Аан дайды таһаатыттан
Матарбакка адаҕыйда.
Орто дойду урсунуттан
Ордорбокко олохсуйда.
Муораны түгэҕинэн,
Муутака балык курдук,
Бургуйа сылдьар буолла.
Салгын устун,
Саһар абааһы курдук,
Сапсынар аалынан көтөн
Саатыыр саҥнанна.
Күндүл күөх халлаан
Күлүмүр-таллан өрөһөтүнэн,
Көстүбэт абааһы көрдүк,
Күлүгүрэс кынаттаах
Күтүр аалынан көтөн
Көччүйэр көрдөннө.
Этиҥ уотун
Этитиилээх тимиргэ
Иҥэрэн ылан,
«Элэктэриичэстибэ» диэн ааттаан,
Эгэлгэ абын элбэтиннэ.
Чаҕылҕан уотун
Саталаах тааһынан
Таттаран ылан,
Талбыт курдук
Талыы аптанна.
Өлөртөн куотаары,
Өлбөт мөҥү уутун
Көрдөһөн мөккүстэ,
Симиэркэ бэринимээри,
Сир ийэ хатын
Илгэлээх симэһинин
Ситэн туран сиэтэ.
63