Page 58 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 58
ньылары бэлэхтээбитэ. Олортон эһиги кылааска биирдиҥи
тыыннаах икки айымньыны ааҕыаххыт. Инникигэ этиллибит
санаа салгыы сайыннарыллан иккис айымньыга этиллэр. Ман-
на кини бүтүн аан дойдуну, бүгүҥҥүнэн тас дойдулар, олох-
торун-дьаһахтарын, онно олорор норуот өйүн-санаатын анаа-
ран көрөр. Санаан көрүҥ, ити ХХ үйэ саҕаланыытыгар, саха
саҥа үөрэхтэнэн эрэр кэмигэр. Хайдахтаах сайдыылаах, то-
буллаҕас толкуйдаах, улахан үөрэхтээх киһи эбитий оччолорго
Өксөкүлээх Өлөксөй?
Кини кэнниттэн эмиэ норуот айымньытын уонна нуучча ли-
тературатын үгэстэригэр үөрэммит суруйааччылар литерату-
раҕа утуу-субуу киирэн барбыттара. Бастакы суруйааччылар-
быт айымньыларын нууччалыы тылынан суруйан саҕалаабыт-
тара, биллэн турар, нуучча литературатыттан үөрэммиттэрин
туоһулуур. Ол эрээри дьиҥ саха киһитин, кини хараахтарын
ойуулуурга ийэ тыл ордуга чуолкай. Онон суруйааччыларбыт
сыыйа сахалыы тыл-өс маастарыгар тиийэ үүммүттэрэ.
А. И. Софронов — Алампа литература бары жанрын төрүттэс-
питэ, саха драматын сүһүөҕэр туруорбута. Н. Д. Неустроев бас-
тыҥ кэпсээнньит быһыытынан биллибитэ, сахалыы комедия
жанрын олохтообута.
Кинилэр бастыҥ суруйууларын бу кылааска билсэн, салгыы
үрдүкү кылаастарга дириҥэтиэххит.
Аны сөҕүөххүт иһин суруйааччыларбыт үһүөн Таатта улууһут-
тан төрүттээхтэр. Бэйэ-бэйэлэриттэн утуу-субуу тоҕустуу сы-
лынан быысаһан төрөөбүттэр. Өксөкүлээх Алампаттан тоҕус
сыл, Алампа Неустроевтан тоҕус сыл аҕа эбиттэр. Бэйэ-бэйэ-
лэрин бэркэ билсэллэрэ. Өксөкүлээх Алампа улахан доҕордуу-
лар этэ, Алексей Елисеевич Бакуга түүр норуоттарын сийиэс-
тэригэр баран иһэн ыалдьан, Москуба балыыһатыгар Алампа
илиитигэр өлбүтэ.
Онон, оҕолоор, эһиги бу кэмтэн биһиги, сахалар, улуу су-
руйааччыларбыт ураты олохторун билиэххит, оччотооҕуга тоҕо
уонна хайдах Таатта сиригэр сайдыы, үөрэх аана аһыллыбы-
тын быһаарыаххыт, ол саха литературата сайдыытыгар суол-
татын арыйыаххыт.
Ааҕыҥ, кэрэхсээҥ, сүгүрүйүҥ, киэн тутта улаатыҥ бэйэҕит
улуу дьоҥҥутунан!
58