Page 55 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 55

Көҥүтэ тэппитэ —
                 Күөл онно буолан чөҥөрүстүлэр,
                 Сыгынах мастары сыыйа тэппитэ —
                 Сырҕан эһэ буолан сырсыбыттара.
                 Ол курдук уохтаахтык айаннаан,
                 Тоҕус уордаах этиҥ сирдьиттэнэн,
                 Сааллар чаҕылҕан арчыланан,
                 Үүнэр мас таҥнары сыыйыллар
                 Айанын айаннаабыта.
                 Күһүҥҥүтүн өксүөнүнэн билэн,
                 Сааскытын хахсаатынан билэн,
                 Сайыҥҥытын самыырынан сабаҕалаан,
                 Кыһыҥҥытын кырыатынан кыйдаран,
                 Субу курдук айаннаан,
                 Тымныы хонугу хонон,
                 Дьыбардаах айаны айаннаан испит.
                 (Ноо!)

    Ол кэнниттэн Модун Эр Соҕотох бухатыыр тоҕус тутум сы-
һыахтаах Туналыкаан Куону Таас Дьаантаар бухатыыртан быы-
һаан аҕалан ыал буолан олороллор. Мантан салгыы олоҥхоҕо
кинилэр уоллара күн халлаан анныгар көтөн-мөҥөн үөскээбит
көгөччөр бороҥ аттаах Көмүс Кыырыктай бухатыыр, иккис уола
Харыады маҥаас аттаах Харыадьылаан Бэргэн абааһы буха-
тыырдарын кытта быһылааннаах охсуһуулара уустаан-уран-
наан, ымпыктаан-чымпыктаан хоһуйуллар. Кинилэр өстөөхтө-
рүн өһөрөн, кыайан-хотон эргиллэн кэлэннэр, Харыады маҥаас
аттаах Харыадьылаан Бэргэн аан дархан андаҕары андаҕайар:
«Баай хара тыа курдук бар дьоннорбун, көхсүттэн тэһииннээх
күн хаан улуустарын бүлтэспиттэн биир бүлтэс баарын тухары,
өргөстөөх үҥүүбүнэн өрө көмүскүү туруоҕум, хара хааммыттан
таммах хаан баарын тухары, өлүү суолун үтүлүкпүнэн бүөлүү
анньан туруоҕум, аан дархан андаҕарбын бар дьонум иннигэр
туттарабы-ын!». Онтон ыла ыал буолан, ыыр үктээн бар дьон-
норун иннигэр биэрбит андаҕардарын толорон, суон дурда,
халыҥ хахха буолан олороллорунан олоҥхо түмүктэнэр.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Дьиэтиттэн-уотуттан, дойдутуттан суостаах-суодаллаах айаҥ-
        ҥа турунар бухатыыр туох сиэри-туому тутуһуохтаах эби-
        тий? Ол туһунан киниэхэ ким, туох санатта?

                                                                                                                                      55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60