Page 53 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 53

Ат сылгыта
Ити курдук саҥарбытын
Кэлин өттүттэн
Өйдөөн-дьүүллээн арай санаабыта:
Аал уотугар
Ас кээспэтэх эбит,
Күөх уотугар
Көйүү кымыһынан
Күөмэйдээбэтэх эбит.
Атыттан ойон түһэн,
Тобук түһэн олорон,
Күөх уотун
Көйүү кымыһынан күөмэйдээн,
Аал уотунан айахтаан
Субу курдук диэн тойуктаах олорбута үһү.
Модун Эр Соҕотох:
«Дьэ-һэ
Аал уотум иччитэ Ала Туйгун,
Бырдьа Бытык,
Сээркээн Сэһэн,
Кыһыл Төбө,
Кырдьаҕас тойонум,
Этэр тылбын
Икки иэдэскэр
Илдьэ сылдьар
Истигэн сэргэх куйаар кулгааххынан
Истэ сэргэҕэлээн турууй!
Өрбүт күөспүн
Үлүннэрэн тоҕор буолаайаҕын!
Аал уотум,
Умуллар-сөҕүрүйэр диэни билбэккэ,
Өрүү күөдьүйэ убайа тураарыый!
Чэй эрэ!
Толугурдаах торбуйаҕы
Тоҥорон өлөрөр буолаайаҕын,
Тааҕалаах убаһам
Далыгар хахсык өлүү буолан хаптайбатын;
Кэнчээри ыччаппын тэнитэ турууй,
Үс үйэ тухары
Үллэр дьолбут-соргубут
Өрөгөйдүү-үүнэ туруохтун,
Алаас эбэ хотунум

                                          53
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58