Page 66 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 66
Уйгулаах олоҕуттан
Уоттары омуруоран
Уларыталаан кээстэр,
Күллэрэстии-күллэрэстии
Күн сирин
Көрдөөх олоҕуттан
Күллэри көтүтэн
Күөрэтэлээн кээстэр.
Арай баара —
Олуона ыраах олохтоох
Оччугуй омук сордоохтору
Оҕус гынан көлүнээри
Ордорбута буолбуттар.
Алыс антах дайдылаах
Аччыгый омук аллаахтары
Ат гынан миинээри
Аһыммыта буолбуттар,
Кыраай диэки кыстыктаах
Кыракый айыы саҥнаахтары
Кытарахтаан аһаары
Кырпатаҕа буолбуттар.
Маныаха барытыгар
Баҕалара ханымына,
Олохторо тупсумуна,
Кыһалҕалара кыайтарымына,
Аны баара —
Улахан омуктар
Улахаттарга утарылаһар
Толкуйу булуммуттар,
Ааттаах омуктар
Ааттаахтары кытта
Адьырыһар санааны аҕалыммыттар,
Бэрт омуктар
Бэттэри кытта
Бэйэ-бэйэлэһэргэ
Бэркэ бэлэмнэммиттэр…
Ол иһин, ону уорбалаан,
Оһол уола
Оп-соллоҥ,
Обот мэнэгэй,
Уот Солуонньай обургу
Орто дойду уорҕатынан
66