Page 42 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 42

Олоҥхоттон билбэт тылларгытын бэлиэтэниҥ, олук ис хо-
      һоонуттан таһааран суолтатын быһаарыҥ. Кыаллыбат түбэл-
      тэтигэр «Олоҥхо уран тыла» (2011) ойуулаах тылдьыты
      туһаныҥ.

                                                                             ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

  1. Үөһээҥҥи Одун биис Дьылҕа тойон Дьулуруйар Ньургун
      Боотур дьылҕатын туһунан этиитин тиэкистэн болҕойон
      ааҕыҥ. Бу түөрт кырыылаах таас остуолбаҕа суруллубут
      сурук эһиэхэ тугу санатарый? Саха хаһааҥҥыттан ааҕар, су-
      руйар буолбутай? Былыргы саха олоҥхотугар сурук-бичик
      туһунан өйдөбүл тула санааҕытын атастаһыҥ.

  2. Олоҥхоҕо тэҥнээһин, омуннааһын, ымпыктаан-чымпыктаан
      ойуулааһын, тыыннааҕымсытыы туттуллубут холобурдары-
      гар олоҕуран, тиэкискэ суолталарын быһаарар үлэни бөлө-
      ҕүнэн үллэстэн толоруҥ, кылааска иһитиннэриҥ.

  3. Бу XIX үйэ бүтүүтүгэр суруллубут олоҥхо тылын болҕойон
      ааҕыҥ. Тыл таба суруллуута билиҥҥиттэн туох эмэ ураты-
      лаах түгэннэрин булуҥ. Ити уратылаһыы төрүөтүн быһаа-
      рарга холонуҥ.

                                                                          КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР

       Т. Степанов олоҥхоҕо хартыыналарын болҕойон көрүҥ. Бу
  олоҥхоҕо ханнык хартыынатын иллюстрация оҥостуохха сө-
  бүн кэпсэтиһиҥ.

         Тыыннаах тыл

  Олоҥхо сирин-дойдутун хоһуйууну өйтөн ааҕа үөрэтиҥ.
  Олоҥхо хоһуйуутугар олоҕуран, бэйэҕит дойдугут сирин-

      уотун туһунан ойуулаан-дьүһүйэн этэргэ холонуҥ.

        Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

  Константин Григорьевич Оросин Боотурускай улууһун олох-
      тооҕо, сахалыы ааҕар, суруйар, үөрэхтээх, дьон-сэргэ ытык-
      тыыр, таптыыр киһитэ, норуот тылынан уус-уран айымньы-

42
   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47