Page 134 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 134
Тыыннаах тыл
А. И. Софронов «Олох оонньуура» драматын толору тиэ-
киһин булан ааҕыҥ. Эдэр көлүөнэ дьон Дьэкиим уола Тиитэп
уонна Уйбаан кыыһа Мааппа тустарынан бэйэҕит санааҕытын
сааһылаан кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.
Анаан дьүүллэһии
1. «Баай — дьол» дуо?
Уйбаан баай туһунан этэр тылын тиһилигин оҥорон көрүҥ.
Кини кэргэнигэр, оҕотугар, атын дьоҥҥо сыһыана. Дьон
киниэхэ сыһыана. Уйбааҥҥа «баайа — дьол» буолла дуо?
Кууһума баай. Кини тылын-өһүн, дьоҥҥо сыһыанын уонна
кинини атын дьон хайдах сыаналыыр тиһилигин оҥорон,
ырытан көрүҥ. Үтүө киһи курдук эрээри, баайа тоҕо дьолу
аҕалбата? Дьон-сэргэ эмиэ да ытыктыыр эрээри, өлөр-хаа-
лар күнүгэр тоҕо күүс-көмө, өйөбүл буолбата?
Дьол диэн тугуй? Драма сүрүн сирэйдэрэ (Уйбаан, Дьэкиим,
Кууһума, Баһымньы, Өрүүнэ, эдэрдэр) дьол туһунан санаа-
ларын ырытан көрүҥ.
«Киһи күүһүнэн олохтон дьолу-соргуну былдьаан ылбат
эбит» диэн Уйбаан этэрэ киһи олоҕун бэйэтэ оҥостунуох-
таах диэн санааны утарар дуу эбэтэр киһи дьол туһугар
дьулуурун ис хоһоонуттан, ньыматыттан тутулуктааҕын
бигэргэтэр дуу?
2. «Олох оонньуура» диэн тугуй?
А. И. Софронов «Олох оонньуура» диэн тугу этэр дии са-
ныыгытый? (Олох туһунан оонньуу дуу? Дьон олоҕо оон-
ньуур дуу? «Ким ытыыр, ким күлэр», ол дуу — олох
оонньуура?)
Дьол, киһи олох оонньуура буолар дуо? Олох киһини араас-
тык эрийэр, мускуйар, үрдэтэр, намтатар кыахтаах дуу
эбэтэр «олох оонньууругар» туруга суох, бэйэтин иннин
билиммэт киһи эрэ киирэн биэрэр дуу? Эбэтэр кэм-кэрдии
эмиэ киһи дьылҕатыгар суолталаах, «олох оонньуурун»
тиһэн, таҥан биэрэр кыахтаах дуу?
«Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор» диэн этии туох ис номох-
тооҕуй? Ханнык киһи бэйэтин олоҕун оҥостуой, олох ох-
суһуутугар уйуктаах, тирэхтээх буолуой? Кэпсэтиһиҥ.
134