Page 136 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 136

НИКОЛАЙ ДЕНИСОВИЧ НЕУСТРОЕВ
                                      (1895—1929)

                                          Чинчийээччилэр Николай Неустроев
                                     уус-уран литератураҕа талаана тобул-
                                     лан ситиһиилээхтик үлэлээбит кэминэн
                                     1920—1926 сыллары ааҕаллар. Дьэ,
                                     бу кэмҥэ «Кукаакы Кулуба», «Тиэтэй-
                                     бит», «Тар», «Куһаҕан тыын» диэн ко-
                                     медиялары суруйталаабыта. Ону тэҥэ
                                     «Сэмэнчик», «Балыксыт», «Ыйдаҥа»,
                                     «Иирээн», «Муммут оҕо кэпсээнэ» диэн
                                     бэртээхэй кэпсээннэри биэртэлээбитэ.
                                     Н. Д. Неустроев саха драматургияты-
                                     гар комедия жанрын маҥнайгынан кил-
                                     лэрбит өҥөлөөх эрэ буолбатах, баста-
                                     тан туран, литератураҕа саҥаны кил-
лэрээччи быһыытынан биллэр-көстөр оруоллаах.
    Неустроев кэпсээннэрин билигин үгүс литературоведтар
психологическай хабааннаахтар дииллэр. Ол аата кэпсээннэр
психологическай эрэ түгэннэринэн күүстээхтэрин курдук буо-
лан тахсар. Мин санаабар, бу тиэмэ өттүнэн маарыннаспат
«Сэмэнчик», «Балыксыт», «Ыйдаҥа», «Иирээн» олохтон кэлбит
новеллистическай төрүттээх, бөдөҥ уобарастардаах айымньы-
лар хаһан даҕаны тус бэйэлэрин кэмнэрин сырдык санаатын
ыһыктыбат, кырдьыктаах хартыынаны биэрэллэр.

                                                                                         Сэмэн Тумат

                              Балыксыт

    Ок-сиэ, ким манна бу курдук хара мастаах ийэ тыа μμнэн
тахсан күнү-ыйы хаххалаатын диэн анаабыта буолуой?

    Дьэ, доҕоттоор, тыа да тыа!
    Тиит маһын тэҥкэтэ, тоҥ сиртэн өрө үүнэн тахсан, уһуктаах
чыпчаалынан үрдүк күөх халлаан ньуурун аала турбатах абак-
кабыт баар эбит диэх курдук, куугунаһа, курулаһа, иҥиэттэ-
иэдэйэ турдахтара үһү.
    Тыас иһиллээбит курдук чуумпу.
    Ханна эмэ мас быыһынан куттас куобах сүүрэн элэс гынан
ааһар; биирдэ эмэтэ улар тиит төбөтүгэр хатанан, үөһээҥҥи
үрдүк, килбиэннээх халлаан диэки, тугу эрэ тойоннообут кур-
дук, чолойон олороро көстөр.

 136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141