Page 190 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 190

Үүт чөллөрүүммүт
                         Үс дойдуну тунуйуоҕа,
                         Арыы чалларыыммыт
                         Аан дойдуга тарҕаныаҕа…

    Ритм — хоһооҥҥо тэҥ кэрчиктэр хатыланыылара. Саха хо-
һоонугар ритм сүһүөх ахсаанынан кэмнэнэр.

    Риторическай туһаайан этии — ураты болҕомтолоохтук,
долгутуулаахтык уус-уран уобараска, айылҕа көстүүлэригэр,
ийэ сиргэ туһаайан ааттааһын.

    Риторическай ыйытыы — ураты болҕомтолоохтук, дол-
гутуулаахтык уус-уран уобараска, айылҕа көстүүлэригэр, ийэ
сиргэ туһаайан эппиэти эрэйбэт ыйытыы.

    Силлабическай хоһоон — тэҥ сүһүөхтээх хоһоон.
    Тыыннааҕымсытан көрдөрүү — уус-уран айымньыга айыл-
ҕа араас көстүүтүн киһилии майгылаан ойуулааһын, көрдөрүү.
    Тэҥнэбил — атын көстүүгэ, бэлиэҕэ тэҥнээн уус-уран дьү-
һүнү ойуулааһын. Тэҥнэбил үксүгэр курдук, дылы диэн ситим
тылларынан холбонор. Холобура:

                         Орто курбуу дьаҕыл дойдум
                         Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ
                         Туоһахтатын курдук буолан
                         Туналыйан-туйааран көһүннэ.

    Уус-уран бытархай (дэтээл) — уус-уран айымньыга омос
көрдөххө соччо суолтата суох курдук бытархай киллэһиктэр.
Холобура, А. И. Софронов «Куоратчыт» кэпсээнигэр — кулахы.
Ис дьиҥэр киирдэххэ, сүрүн дьоруойу киһи быһыытынан ары-
йыыга ити бытархай — кулахы — улахан суолталаах. Кулахы
Уһун Ыстапаан киһи быһыытынан туруга суоҕун ааҕааччыга
итэҕэтэр.

    Хатылааһын — этэр санааны чиҥэтэр соруктаах тылы, тыл-
лар ситимнэрин хатылаан хос-хос туһаныы.

    Эпитет — көстүүгэ, эттиккэ өҥ-дьүһүн, бэлиэ ураты дьүһүл-
гэнин ойуулуур тыл. Холобур, П. А. Ойуунускай поэзиятыгар
«кыһыл, хара» өҥнөр ураты суолтаҕа туттар эпитеттэринэн
биллэллэр. Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар кубу-
луйбат эпитеттэр олоҕурбуттар, олор суругунан литератураҕа
эмиэ хото туһаныллаллар: үрүҥ күн, үрдүк мэҥэ халлаан.

 190
   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194