Page 186 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 186
гэ араарыллаллар. Сүрүн дьоруой айымньы м³ккү³рүн тута
сылдьар, оттон ойоҕос дьоруой м³ккү³ргэ хайа эмит ³ттүнэн
киирэр киллэ´ик суолталаах буолар. Би´ирэбиллээх дьоруой
олох үтү³, кэрэ, ки´илии ³ттүгэр тарды´ар сырдык уобарас,
оттон омсолоох дьоруой олох түктэри, хара²а ³рүттэрин к³с-
түүлэрин кэрэ´илиир. Литературнай тиип — бүтүн к³лү³нэ
дьон, социальнай ара²а бэлиэ ³рүттэрин түмэр уобарас.
Уус-уран уобарас литературнай дьоруой ³йд³бүлүгэр си-
ноним суолталаах. Ол эрээри уус-уран уобарас хайаатар да
ки´ини эрэ ойуулаабат, айылҕа к³стүүлэрин, тыынар тыын-
наахтары тус суолталаан айымньыга киллэрии эмиэ уус-уран
уобарас буолар. Х о л о б у р: үгэ персонажтара, £лү³нэ эбэ,
Муустаах муора уобарастара.
Айымньы композицията — айымньы чаастарын аттарыы,
ойууланар бы´ыы-майгы тутула, а. э. сюжет саа´ыланыыта.
Айымньы тутула — уобара´ы арыйыы биир сүрүн ньымата.
Айымньы тутула ойууланар бы´ыы-майгы т³рү³ттэниитинэн,
сайдыытынан, чыпчаалынан, с³ллүүтүнэн та²ыллар.
Стиль — айымньы олоҕу к³рд³р³р, си´илиир, ойуулуур-
дьү´үннүүр, айар ньымаларын, тылын-³´үн уратыта.
Айымньы көрүҥэ (жанра)
Тылынан уус-уран айыы үгүс майгыла´ар ³рүттэринэн наар-
данан үс сүрүн к³рү²²э араарыллаллар: эпос, лирика, драма.
Эпос — олох к³стүүлэрин, бы´ылааннарын уус-уран си´и-
лээ´ининэн дьон-сэргэ (ки´и) ³йүн-санаатын, сиэрин-майгы-
тын к³рд³р³р тэнийбит сюжеттаах, үксүгэр кэпсээн форма-
тынан суруллубут айымньы. Эпос сүрүн к³рү²нэринэн роман,
сэ´эн, кэпсээн буолаллар.
Кэпсээн — биир, арыт хас да бытархай олох түгэннэрин
си´илиир кылгас айымньы.
Сэ´эн — биир ки´и дьылҕатын ойуулуур, к³рд³р³р айым-
ньы. Дьоруой олоҕо, дьылҕата атын дьон (дьоруойдар) бы´ы-
лааннарга к³стүүлэринэн, сы´ыанна´ыыларынан тыктарыллан
к³рд³рүллэр. Кээмэйинэн, ойууланар персонажтар, бы´ылаан-
нар ахсааннарынан сэ´эн кэпсээннээҕэр быдан улахан.
Роман — олох, бы´ыы-майгы, араас дьон дьылҕалара ха-
бырыйсыытын, арыт бүтүн к³лү³нэ дьон, уопсастыба олоҕун
сытыы тү´үмэхтэрин ыры²алыыр, ки´и, дьон-сэргэ уустук сы-
´ыанна´ыыларын ойуулуур улахан кээмэйдээх айымньы. Ро-
186