Page 183 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 183

саахтыыр, наар ырыа-тойук, үҥкүү-битии туппут олоҕо
        баар үһүө…» диэн кэрчиги салҕаа, бэйэҕиттэн тойонноон
        суруй.

                                                                                ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

    1. «Сэргэ» сэһэн — философскай айымньы.
    2. Н. Лугинов айар буочарын сүрүн уратылара.
    3. Саха олоҕор сэргэ анала.

          Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

                Н. Лугинов философскай сэһэннэрэ

    Н. Лугинов 70–80-с сылларга талааннаах сэһэнньит быһыы-
тынан киэҥник биллибитэ. Кини ол курдук ситиһиилээхтик
социальнай-психологическай сэһэннэргэ үлэлээбитэ. «Сэргэ-
лээххэ», «Нуоралдьыма чараҥар» сэһэннэригэр эдэр ыччат,
оҕо олохторун, психологияларын уратыларын, норуот олоҕун
бэлиэ кэмнэрин, национальнай хараахтар уратыларын ойуу-
лаабыта. «Таас Тумус» (1981) сэһэнэ француз тылынан тыл-
баастанан тас дойду ааҕааччыларыгар тиийбитэ уонна үрдүктүк
сыаналаммыта. Манна суруйааччы маҥнайгы көрүүгэ билиҥҥи
олох проблемаларын ойуулуур курдук буолан баран, архетипи-
ческай өрүттэринэн көрдөххө, бүтүн киһи аймах олоҕун, про-
блемаларын арыйар айымньыта буолбута.

    Н. Лугинов 1980-с сыллар ортолоругар айар үлэтэ дьикти-
тик иэҕиллибитэ, кини олох ураты айымньыларын суруйбута
суруйааччы айар үлэтин биир ураты кэрдиис кэмин кэрэһи-
лиир. Ол — «Кустук», «Суор», «Сэргэ» сэһэннэрэ буолбуттара.
«Кустук» сэһэҥҥэ суруйааччы ыт дьылҕатын ойуулуур. Дой-
дутуттан арахсыбыт ыт дойдутун эрэ санаан-ахтан тахсар,
тиһэҕэр күрээн систэри быһан иһэн быстан-быстаран өлөр.
Манна ыттар араас сыһыаннаһыыларынан, майгыларын араас-
тарынан дьон хараахтара арыллар: ньылаҥнас, албын, хап-
таҥнас, өһөс, тулуурдаах, хорсун уо.д.а. Төрөөбүт дойдуга
таптал, ахтылҕан, соҕотохсуйуу тиэмэтэ күүскэ киирэр. «Сэр-
гэ» сэһэҥҥэ аны олох да тыыммат предмет — сэргэ тыын-
нааҕымсытыллан, аллегорияланан кэпсэнэр. Сэргэ соҕотох-
суйбут, кинини бары бырахпыттар. Ол соҕотох туран ааспыт
олоҕун, саха ыалын дьоллоох кэмин саныыр-ахтар. Аныгы

                                                                                                                                     183
   178   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188