Page 182 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 182
5. Айымньы ханнык дьоруойдарын санааларын кытта сөбүлэ-
һэҕин? Кими кытта сөпсөспөккүн? Тоҕо?
6. Ааптар уобарастарынан ханнык икки кэми ойуулууруй?
Суруйааччы бэйэтэ хайа кэми ордорор быһыылааҕый? Ол
туохтан көстөрүй?
7. Н. А. Лугинов сэһэннэрэ философскай ис хоһоонноохтор диэн
санааны тугунан дакаастыыбыт? Онуоха бастаан тылдьыт-
тан «философия» диэн тыл суолтатын бул. Онно олоҕуран
«Ааҕыы сурунаалыгар» бэлиэтэммиккинэн көрөн хас хайыс-
ханан санаа этиллибитин, ким эппитин ааҕан түмүктэ оҥор,
санааҕын атастаһарга бэлэмнэн.
Анаан дьүүллэһии
1. Сэргэ тоҕо соҕотохсуйбутун, ким онно буруйдааҕын быһаа-
рыҥ.
2. Аҕа көлүөнэ майгы-сигили, сиэрдээх быһыы ханнык өрүт-
тэрин илдьэ сылдьарын кэпсэтиһиҥ.
3. Айымньы ааҕааччыны олох ханнык боппуруостарыгар тол-
куйдатарын кэпсэтиһиҥ.
4. Айымньыга саха киһитин кута-сүрэ, норуот быһыытынан
олоҕу көрүүтэ уус-ураннык арылларын дакаастааҥ.
5. «Сэргэ» сэһэни философскай айымньы кэккэтигэр киирэ-
рин, киирбэтин быһаарсыҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. Олох сыаннастара урут уонна билигин.
2. «Сэргэ» сэһэҥҥэ саха киһитин төрөөбүт айылҕаҕа сыһыана.
3. Тулаайах сэргэ.
4. Сэргэ урут уонна билигин.
5. К. Уурастыырап «Соҕотох хахыйах» диэн хоһоонун уонна
Н. Лугинов «соҕотох сэргэтин» дьүөрэлэһиилэрэ.
6. Сэргэ монолога (урукку кэмҥэ олоҕун астынар сэргэ аатыт-
тан).
7. «Ылдьаа муҥнаах, көр, алааһыгар биирдэ нус-бааччы, иҥэ-
дьаҥа суох олорботоҕо. Наар ити ыраах баар, киирбэт
килбиэннээх күннээх, кыһына суох кэхтибэт быйаҥнаах
ырыа сиригэр курдары тартарара. Ама оннук дайды баар
үһүө?.. Абааһы албына буолуо ээ… Сымыйа «бараммат
быйаҥынан» кучуйан, бу айыы сирин иччитэхситтэхтэрэ.
От оттообокко, мас мастаабакка уҕараабат уйгуга ум-
182