Page 180 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 180
лаҕа дуу? Ким билэр… Ити эрээри Ылдьаа барахсан иэйэн-
куойан туойдаҕына, хагдаҥ от көҕөрө, хаппыт муҥураат тиллэ
сыһара эмиэ баара. Тымныы кыһыҥҥа бүк баттаппыт бүтэй
киэһэ имик-самык көмүлүөк иннигэр тобук тардыстан олорон,
этэн-саҥаран киирэн бардаҕына, доҕоор, хараҕы саатырдар
күлүм-тырым дьиримнээбитин курдук буола түһэрэ. Ырыа Ыл-
дьаа анаан-минээн тойук туойан, алгыс алҕаан туруоруоҕут-
тан ыла кини мас ама бэйэтэ бу иччилэрин айыы санааларын
иҥэринэн, кинилэр кэтэһэр-күүтэр аналларыгар кыттыһан, бу
киһилии муҥнанан, ол муҥуттан дьоллоно турдаҕа эбээт…
***
Баччаларга, бэл, Ырыа Ылдьаа эрэйдээх очурдаах-чочур-
даах сырыыларыттан эргиллэрэ. Кыбыстан, киһи хараҕын ута-
ры көрбөт буолан, умса тутта сылдьара. Сүрэ-кэбэ бүттүүн
бүк түһэн, хайдах эрэ ыар ыарыыттан саҥа турбут курдуга.
Биирдэ ити Арҕаалыыр Аартыгынан кэлэн, Сытар Хара Таас-
ка олорон, туох да олус кэмсинэн-кэмиринэн ытаабыта. Ха-
йыай, аттаах бэйэтэ туос сатыы, солко курдаах, бастыҥ саары
этэрбэстээх барбыт бэйэтэ кумалаан киэбэ киэптэнэн кэл-
лэҕэ дии. Кыбыстан тыа саҕатынан, сирэйин көрдөрүмээри
антах хайыһа-хайыһа, алааһын диэки ааһан иһэрин Сиидэр та-
ба көрөн хаһыытаан ылбыта. Доҕорун эҥин дьүһүнүн көрбүт
ахан киһи соһуйбатаҕа, ону-маны үөтэрбэтэҕэ, онто суох ту-
гун-ханныгын өтө сэрэйбитэ. Аһатан-сиэтэн, бэйэтин бастыҥ
таҥаһыттан таҥыннаран дьиэтигэр илдьэн биэрбитэ. Дьоно
барахсаттар били маа бэйэлээҕи көрөн, өлбүт киһи тиллэн
кэлбитигэр дылы үөрүү бөҕө…
Ол да гыннар Ылдьаа өлөн-охтон биэрбэт. Доҕотторо муста
түһэн, өр-өтөр гыммакка хагдаҥ от бөҕөнү оттоон дагдалдьы-
тан биэрэллэрэ. Аҕыйах кэминэн Ылдьаа этин оһорунан, бүк
түспүтэ мэлийэн, уруккутун курдук, кэдэрги тартаран, кэтэҕэ
хамсаан, хараҕа уоттанан, тыла-өһө сөллөн барара.
Оо, Ылдьаа!.. Ылдьаа муҥнаах, көр, алааһыгар биирдэ нус-
бааччы, иҥэ-дьаҥа суох олорботоҕо. Наар ити ыраах баар,
киирбэт килбиэннээх күннээх, кыһына суох кэхтибэт быйаҥнаах
Ырыа сиригэр курдары тартарара. Ама оннук дайды баар
үһүө?.. Абааһы албына буолуо ээ… Сымыйа «бараммат быйа-
ҥынан» кучуйан, бу айыы сирин иччитэхситтэхтэрэ. От оттоо-
бокко, мас мастаабакка уҕараабат уйгуга умсаахтыыр, наар
ырыа-тойук, үҥкүү-битии туппут олоҕо баар үһүө…
180