Page 181 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 181
***
Уонча күнү мэлдьи сэбирдэх да силир гыммат улуу чуумпу-
та бүрүүкээн күһүҥҥүтүйбүт от-мас бүтэй куйаастан улугуран
турдаҕына, Сытар Хара Таас аттынан Арҕаалыыр айан суолун
саба үүммүт хахыйахтар эмискэ суугунаһа түһээт, силэллэн
биэрэргэ дылы гыннылар. Ону кытары сүүнэ улахан холорук
куугунаан таҕыста… Алаас ортотугар ытыллан киирэн, чугу-
рус гына тохтоон, тула көрүнэр курдук илгистэ турбахтаата.
Онтон хаптаһыны хаптаһыҥҥа кырбаан эрэрдии сүөргү тыас,
өрө таһыгыраабытынан, буор, бөх-сыыс бөҕөнү өрө ытыйан
тыа саҕатын диэки сыҕарыйан Өкөгөр тиит, Хаахыныыр мас
аттыларыгар тиийэр. Бэрт куһаҕан тыас тыаһыырын кытары
Өкөгөр тиит сордоох тиэрэ мэтэрийэн таҕыста уонна сууллан
мутуга кумалана түспэт дуо?! Ону кытары холорук ханна да
барбыта-кэлбитэ биллибэккэ элэс гынан хаалла. Арай үөһэ
халлаан оройугар ытыллан тахсыбыт сэбирдэх буору-сыыһы
кытары таҥнары саккыраата… Уу чуумпу… Арай Хаахыныыр
эрэйдээх үөлээннээҕин үрдүгэр баһа суох тулаайах умнаһынан
иэгэҥнии-иҥиэттэ, аймана турда…
Сэргэ ити иэдээнтэн иэнэ кэдэҥнээтэ, эбии иҥнэри түһэр-
гэ дылы гынна.
1978—1987 сс.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Ааҕыы кэмигэр «Ааҕыы сурунаалын» оҥоһун. Онно биэс
сытыары кэккэлээх табылыыссата оҥоһун:
а) Ким туох туһунан кэпсэнэрэ; б) Ханна төрөөбүтэ эбэ-
тэр олорбута; в) Олох туһунан санаалара эбэтэр олоххо
сыһыана; г) Олоҕун түгэннэрэ (цитатанан эбэтэр кылгас-
тык бэйэҕит тылгытынан); д) Саха сиэрин-туомун, үгэһин
туһунан толкуйа.
Туруору кэккэҕэ тиэкиһи ааҕа-ааҕа бэлиэтэнэн ис.
2. Айымньы дьоруойдара кимнээхтэрий? Эн санааҕар, кини-
лэртэн хайалара сүрүн дьоруой быһыылааҕый? Тоҕо?
3. Суруйааччы тоҕо сэргэни тыынар тыыннаата? Бу сэргэнэн
туох санааны этиэн баҕарбытый? Эһиги ону өйдөөтүгүт дуо?
4. Көрөргүт курдук, хас биирдии дьоруой айымньыга туох эрэ
аналлаах быһыылаах. Оччоҕуна атын дьоруойдар олоххо фи-
лософияларынан суруйааччы тугу көрдөрбүт дии санаатыгыт?
181