Page 177 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 177
***
Биллэн турар, кини аттааҕар ордук аакка-суолга баҕарара.
Ааттаах ат туһунан сурах бастыҥ сонун буолан киэҥ сирдэ-
ринэн тарҕанан эҥин диэн чиэски түбэлэргэ кытары тиийэрэ.
Дэлэҕэ Сиидэри атынан «ээ, били Дьаҕыллаах иччитэ» диэх-
тэрэ дуо?
Ылдьаа саҥа туран эрэр кэмигэр, дөксө Ырыа диэн аата
иҥэ, уҥуоҕа кытаата илигинэ, биир үүт кэрэ соноҕостоно сыл-
дьыбыта. Онтон кэлин ситиитин-хотуутун саҕана атаҕынан сыл-
гы киэнэ мааныта буолуоҕун, Сунтаар түгэҕинэн эргийэн кэ-
лэн иһэн, Сиинэ ааттаах хаартыһыттарыгар сүүйтэрэн кэбиһэн
турар. Хор, онно атын икки төгүл субуруччу мүччү тутан ба-
ран көмүс ыҥыырын кытары утуйар таҥаһын эбэн туруоран
төннөрбүтэ үһү уонна үсүһүгэр тиийэн, дьэ, букатыннаахтык
малыйан, турар бэйэтинэн эрэ хаалбыта. Онтон бэттэх Ырыа
Ылдьааҕа үчүгэй сылгы турбатаҕа. «Күлэр эмэгэтэ» «мичик»
гынан аатын билбэт буола байбыт кэмигэр соруйан сураһан
ааттаах аттары атыылаһа сылдьыбыта, кини илиитигэр киир-
дэллэр эрэ, дэҥҥэ-оһолго түбэһэн эбэтэр эҥин араас сылгы
дьаҥар-дьаһаҕар ылларан, төгүрүк сыл иһигэр буос бээгэй
буолан хаалаллара.
***
Оо, дьэ, бу иһийэн түһэн чуумпутуон, чуҥкугуон.
Бээ-бээ, ханна эрэ айан киһитэ баар буолуохтаах этэ ээ.
Бу манна таарыйбатаҕа ыраатта даҕаны. Ханна, хайа суоллары
хайан, хайдах-туох сырыттаҕай? Сындалҕаннаах уһун айантан
сылайдаҕа, ата даҕаны илиһиннэҕэ буолуо. Бачча үлүгэр ханна
мэлийэн хааллаҕай?
Айан киһитэ барахсан кэлэрэ, оо, кэрэ да этэ ээ! Аан маҥнай
ала-чуо киниэхэ супту хаамтаран кэлэн, атын көнтөһүн туом-
туу тардан, туттаран кэбиһэрэ. Ыалдьыттарга бастыҥ олох,
бастыҥ ас-үөл. Ыалдьыт ата анал мааныланар, от сүмэһин-
нээҕин сиир.
Айан киһитэ барахсан… Сиккиэр Тыал аргыстанан, сылгы
үтүөтэ миҥэлэнэн, ханна, хайа эрэ суоллары батан эрдэҕэ?
Хайа дьоллоох алаастарга хонон-өрөөн, хайа дьоллоох сэргэ-
лэргэ атын баайан эрдэҕэй?..
Эчи, хаарыаны!..
177