Page 172 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 172
йа сытыйбыт боскуйалары туруортуура. Кыстыыр маһын соччо
ырааппакка алааһын саҕатын кыдыйан булунара. Ыар ыарыы-
га ылларбыт дуу, эбэтэр лаппа обургу кыһалҕалаах киһилии
көҥдөй көхсө эрэ сүөдэҥниирэ. Ким да иннинэ кинилэр от-
торо быстара, кинилэр хаһаастара баранара. Ол да гыннар
ыраах-чугас ыалларыттан тардыһан, сырыы ахсын арыычча
дьыл тахсаллара. Ылдьаа кэргэнэ Маарыйа, уоллаах кыыһа
иһит тута-тута ыалларыттан ас көрдөһө орох тэбээхтииллэрэ.
Сыарҕа хаара түстэр эрэ, манан ааһар кыһыҥҥы суол ту-
рара. Ол саҕана бу эргин ыалларга барыларыгар даҕаны ыал-
дьыт-хоноһо бөҕө сылдьара. Оччоҕуна Ылдьаа эмиэ тиллэн,
суула көспүт сирэйэ-хараҕа туран хаалара. Бастыҥ ырыаһыт,
оонньууну-көрү сөбүлүүр, атыннык эттэххэ, хаартыһыт өттө ки-
ниэхэ кэлэрэ. Ыраах да, чугас да ыаллартан оонньууну-көрү
сөбүлээччилэр кэһии кыбына-кыбына кинилэргэ сыбыытыыл-
лара.
Ылдьаа кыракый балаҕанын иһигэр халлаан сырдыар диэ-
ри арыт хаартыһыттар үтүмэн үбү үҥкүрүҥнэтэн көбдьүөрүйэр
саҥалара, арыт ырыа-тойук, олоҥхо доллоһуйара. Түүн утуй-
батах дьон харахтарыгар үрүҥ күн сырдыга өлбөөдүйэн, күн
сирэ бүдүгүрэн олоҥхо ханна эрэ баар уйгулаах дойдутугар
ханан да маарыннаабат уку-суку олох устара. Оннук дьон күн
киириитэ эмиэ абааһы курдук харахтара уоттанан, өйдөрө-са-
наалара дьэ уһуктан, дьэргэһэн кэлэллэрэ. Ол да иһин ырыаҕа
алыс ылларбыт киһи, кутугар абааһы уйаланан, дьоло суох
буолар диэн эрдэхтэрэ. Ылдьаа сордоох хара кырдьыар диэри
түспэтийэри билбэккэ, суор-тураах курдук суолга өлбүт диэн
кэпсииллэрэ. Дөксө ол бэйэтэ диэхтээн, тугу оҥостуммута,
туохха тардыспыта да, оннук дьылҕаланнаҕа. Ыччаттара ба-
рахсаттар огдолуйбуттара абалаах.
Кыыһа Морууса уҥуоҕа кытаата, мэйиитэ хойдо илигиттэн
түбэһиэх суол киһитигэр иирэн барсан баран төннүбүттээх. Он-
тон сыыстаран, биирдэ даҕаны түптээн-таптаан эргэ тахсы-
бакка эрэ, биэс киһиттэн биэс оҕолонон бэрт ханнык эмэ оло-
рор үһү.
Оттон Кириисэ дьиэтиттэн-уотуттан адьас оҕо эрдэҕинэ би-
риискэҕэ көмүс көрдөһө барбыта. Кэлин сэрииттэн эргиллэн
кэлэн баран, ханна тиийбитэ иһиллибэт.
Ылдьаа барахсан аны биир идэтэ — мас ууһа. Бу эргин
ыалларга кини оҥорбут чорооно, кытыйата, ол-бу дьиэ тээби-
ринэ үгүс этэ. «Маһынан киһини да саҥарбат эрэ гына оҥорон
хаамтарыах этэ», — диэн этэллэрэ кырдьык. Кини тарбаҕыттан
172