Page 168 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 168

тын кытары ардыбыт атан иһэр. Ол да иһин маннык биирдэ
эмит таҕыстахпытына үөрэн-көтөн биэрэбит.

    Иккиэн ах баран, кулгаах чуҥкунуур уу чуумпутун иһиллии
турбахтаатылар.

    Үчүгэй баҕайы!
    Бөөтүс үтэһэлээх этин өтөр-өтөр эргитэн биэрэр, ол аайы
сыа сырдьыгыныы тохтор. Уйбаан мөһөөччүгүн хасыһан арыы-
лаах килиэп, алаадьы, халбаһы, сымыыт таһааран, суол-суол
уокка кэбиһэр.
    — Эһэкээммит аһаа. Аал уоппутунан, эйигинэн айахтаан сир-
бит-дойдубут иччилэрин бука барыгытын, айах тутан аһаттах-
пыт буоллун!..
    Уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэ ол аайы үөрэн күлүбүрэтэр,
үҥкүүлээн эрэрдии кып-кыһыл баттаҕа, бытыга сахсайа ойор,
күлэн чачыгырыыр, таһыргыыр.
    Айанньыттар үтэһэлэрин тутан, чэйдэрин тобоҕун илдьэ
массыыналарыгар аһыы киирдилэр. Ол сэптэрэ эмиэ буруо-
нан сөтөллүмэхтээт, бирдьигинии түстэ.
    — Миигинньик киһи кыайан сиэбэт аһа эбит, — диэтэ Уй-
баан, тимир үтэһэттэн биир эти тииһинэн сыыйа тардан ылан,
ыстыы сатаан баран. — Кырдьаҕас атыыр сылгы этэ түбэспит.
    — Билэриҥ бэрт дии. Биһиги толуоммутугар туох этин биэ-
рэллэрин сатаан быһаарбат дьоммут.
    — Маннык эти былыргылыы сүүрүҥүй гыннахха үчүгэй. Эн
алыс өр туппуккун.
    — Нэмин билбэтэхпин. Ол да буоллар, дьэ, минньигэһэ
дьикти!
    — Кытаат, чэгиэн киһи аһаан ис. Хата, бу чэй үчүгэйиэн, —
диэтэ Уйбаан, итии чэйдээх куруусканы икки ытыһынан суулуу
тутан сыпсырыйбахтыы олорон.
    — Бэйи эрэ, Уйбаан, ити маарыын тайахпытын тоҕо итии-
тинэ суоллаабатыбыт?
    — Үчүгэйдэппит кыыл соччо ырааппакка турар эбэтэр сы-
тар баҕайы. Оччоҕо устунан көһүйэн хаалар. Ол иһин. Оттон
итиитигэр эккирэтэриҥ тухары бара турааччы.
    — Ээ, оннук эбит дии. Эн бу дойдуну билэҕин дуо?
    — Билэн… Бу олорон, били маарыын туораабыт үрэхпи-
тинэн сыаллаан, дьэ, биллим. Сир-дойду уларыйар да эбит.
    — Туох диэн сирий?
    — Аргыый… — диэтэ Уйбаан уонна куолаһын намтатан, ор-
гууй салгыы саҥарда. — Бу Орто Сурт диэн алаас, былыргы
айан суолун биир бэлиэ сирэ. Сиидэр оҕонньор уонна Даа-

 168
   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173