Page 171 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 171

ги ытыйан будулутта, ыалдьыттар суолларын-иистэрин, бэл,
отууларын оннуларын тибэн ким да, хаһан да кэлбэтэҕин-бар-
батаҕын курдук сиппийэн, мэлдьэһэн кэбистэҕэ.

                                  ***

    Дьыл оҕуһа баҕайы төһө өр аҥаардастыы айбардаабыта,
будулуйан бургуйбута эбитэй, арай биирдэ аҥаар муоһа тоҥ
мутук курдук тосту баран силбиэтэннэ. Онтон кыыһыран тыы-
нары-тыымматы бүтүннүүтүн муус кыаһааҥҥа кубулутаары бур-
ҕаҥнаата. Ол эрээри кэмэ-кэрдиитэ кэмнэннэ, күнэ ааҕылын-
на. Анал кытаанах… Ыраахтан айыллан кэлбит ыйаах ыйбыт
уоттаах күнэ күлүмүрдээн кэлбитигэр Дьыл оҕуһун акаары ба-
һа быстан түстэ, онон лоп курдук 44 хонугунан көҥдөй көхсө
күр гынаахтаата. Ону кытары күн уоттаах сылааһа сандааран,
кэтэһиилээх сааскы кэм салаллан кэллэ.

    Киҥкиниир Киэҥ Халлаан баҕайы Дьыл Оҕуһа баһа быстаа-
тын кытта, эмиэ муҥура суох далай түгэҕэ куту-сүрү бүтүн-
нүүтүн супту угуйан, улахан тымныы үгэннээтэҕинэ, олгуйдаах
балык миининии бөлөнүйэн хаалбыкка дылы гынар. Кини саҕа
өрүү куһаҕаны кытары куомуннаах күөх албын баар үһүө. Күн-
нээххэ күөх, ыйдаахха тунаархай, хараҥаҕа хара куттаах диэн
кини. Ол да иһин Аан Ийэ Дойду кутун-сүрүн супту оборо,
туох баар сытыйбыт-ымыйбыт сытын-сымарын, дьаарын-чаа-
нын, умайбыт хара буруотун-тараатын — бүтүннүүтүн иҥэринэ
турдаҕа да, онтон өлбөөдүйбүтэ көстүбэт. Хата, дөксө ыраа-
һыран, кылбайбыт курдук. Сааскы тыаллар дэлби сиппийэн
сууйан-сотон кэбиспиттэрэ — дьэ, мэндээрийии.

    Сааскы ылааҥыга ама кэмҥэ көстүбэт Таас Дьааҥы үс хос
мэҥэһик дьапталҕа хайалара, абааһы бэргэһэлэринии, логло-
руһан көһүннүлэр. Бастаан хаар маҥан, онтон антах халлааны
кытары силлиһэ сыһа халлаан күөҕэ, ортоку уу күөҕэ өҥнөөххө
дылылар эрээри, барыта хайдах эрэ сиргэ баартан таһынаҥҥа
дылылар. Маҥана маҥантан ордук, эгэ, күөҕэ диэн… Ити хайа-
ларга куһаҕан тыын сөрүөстэрэ, айыы дьонун кутун аймыыра,
угуйара бүгүн эрэ буолбатах.

    Ырыа Ылдьаа сордоох наар ити күөх хайалары, ханна эрэ
баар дии саныыр ураты дойдуну хоһуйан тахсара. Дьыл бач-
чатыгар тиийдэр эрэ кута-сүрэ атын сирдэргэ курдары тар-
таран, тэринэн-тэринэн, үөрэ-көтө айаҥҥа турара. Кэргэнэ,
оҕолоро кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэгэй буола сыспыттарын кэннэ,
кэмниэ кэнэҕэс күһүөрү сайын эстэн-быстан, ыран-дьүдьэйэн
эргиллэрэ. От кэрэтэ кэхтибитин кэннэ аҕыйах аҕай чуоча-

                                                                                                                                     171
   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176