Page 169 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 169

рыйа эмээхсин алаастара… Алаастарын аатынан Суртаахаптар
этилэр. Аан бастаан адьас кыра эрдэхпинэ, биэстээхпэр-алта-
лаахпар, сылдьыбытым. Даарыйа эмээхсин ийэбинэн эдьии-
йим этэ.

    — Чугас аймахтарыҥ эбит дии.
    — Чугас. Биһиги алааспыт мантан икки көс илин диэки баар.
    — Ол Суртаахаптартан ыччат баар дуу?
    — Бааллар. Уйбаан, Ньукулай Суртаахаптар диэннэр. Биир
куоракка олоробут, ону ааһан сайылыкпыт да чугас-чугас
эрээри, аанньа билсибэппит. Аны дьиэ баһылыга дьахтар ээ.
Дьахталлар эйэргэһэ көрсүбэтилэр даҕаны, бэл, ини-биилэр
таһынан хаамсаллар.
    — Эн аанньа аһаабатыҥ ээ.
    — Соччо аһыах санаа суох.
    — Бу хайа оройуон сирэй?
    — Уруккута Кэбээйи сирэ этэ. Аны хайдаҕа эбитэй? Били-
гин сир-дойду үксэ иччитэхсийэн урукку курдук чопчу быыһас-
паттар даҕаны быһыылаах. Бу былыргыта Кэбээйи, Нам, Гор-
най оройуоннарын дьоно түмсэн ааһар бэлиэ түбэлэрэ этэ.
Былыр бу эргин атыыһыттар түмсэн табаар мэнэйдэһэллэрэ
үһү. Атамайдар Бүлүү диэкиттэн, кэбээйилэр хотуттан түүлээх,
балык бастыҥын тиэйэн аҕаллахтарына, Нам атыыһыттара ман-
на ампаарданан олороннор, куорат табаарыгар атастаһаллара.
    Мин өйдүүрүм саҕана бу алаастан эҥэлдьийэн көстөр сиргэ,
ити күөл илин өттүнэн, Ырыа Ылдьаа диэн ааттаах сытыы киһи
олорбута. Эмиэ үйэ-хайа аймаҕым. Онно ааттаах хаартыһыт-
тар түмсэн оонньууллара. Бэл, миэхэ хаста да тымтык туттар-
быттаахтар. Аны туран, ол Ылдьааҕа киһи үөйбэтэх-ахтыбатах
ыраах сирдэриттэн улуу олоҥхоһуттар ыҥырыллан кэлэллэрэ
үһү. Дьэ, онно дии, үстүү түүннээх олоҥхолору истэллэрэ.
    — Билигин киһи сөҕөр суола. Биһиги икки сиэрийэлээх кии-
нэни көхсүбүт нэһииччэ тулуйан көрөбүт.
    — Тыл күүһэ сүрдээх, доҕор. Кэпсииллэринэн, адьас абы-
лаппыт курдук истэллэрэ үһү.
    — Һук, бу тугуй?! — Бөөтүс эмискэ ах баран, хараҕын муҥу-
нан көрөн таалан олордо.
    — Тугуй? Тугу көрдүҥ?
    — Суох… А-ал-ҕас бы-быһыылаах, — Бөөтүс бобулла-бобул-
ла нэһиилэ ботугураата.
    Уйбаан, массыына иннигэр тугу да көрбөккө, бэркэ муодар-
ҕаан уол сирэйин-хараҕын чинчийэ одууласта уонна фара чу-

                                                                                                                                     169
   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174