Page 164 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 164

дук, тоҥуу хаарга чөм гына түһээхтээтэ. Чочумча кыһыл баһа
илигирээмэхтээн иһэн, тохтоон, үрүҥ хаарга тохтубут хаанныы
кытара сытта.

    Ааспыт күһүн хойукка диэри ардахтаах сиппэрэҥ күннэр
буоланнар, от-мас тот туран тоҥмута. Ол иһин быйыл туох ба-
рыта быһыта-тоҕута тоҥоттоото. Бэл, сир кырса хайытталанна.

    Сэргэ бу алааска сэргэ буолан туруоҕуттан маннык нүөл кү-
һүнү өйдөөбөт. Бэл, Сэргэ төрдүнэн туох эрэ көмүллээбитин
курдук чуочайбыт умнаһа сиик тарпыт сирдэринэн, кырдьаҕас
киһи сиһин дьарҕата кэйиэлииринии, быһыта-хайыта тоҥот-
тоото. Күһүн син хойукка диэри куурбута-хаппыта бэрдинэн
сииги-таммаҕы иһирдьэ иҥэрбэккэ таһынан халтарыта турбу-
та. Ол эрээри, кэмниэ-кэнэҕэс инчэҕэй обургу хайдыбыты-ха-
бырыттыбыты батыһан иһирдьэ өтөн киирбитэ эрэ баар. Аны
эмэх баҕайы бэйэтэ да сииги тардар күтүр.

    Бытарыттан, хабырыттан түһэн, дьэ тымныы! Сүрүн ньии!
    Сайыҥҥы, сааскы, күһүҥҥү кэми кэтэһэр-манаһар, эрэйдэ-
нэр-муҥнанар, уу курдук долгуйа устар санаа баччаҕа, дьара
күөл мууһунуу, хайыара тоҥмут судургу кэмэ буолуон, Улаан
Тураҕас диэн дьиибэ сылгы буулаан сордоото.
    Тоҥуу хаар устун сүүрэн батыччахтаан кэлэн, барылаччы
тыбыыра-тыбыыра, Сэргэ төрдүгэр хорус гынар уонна мунну-
нан, төбөтүнэн сигэнэн сирэйин-хараҕын кырыатын аалынар,
таныытыгар чопчулаһа тоҥмут мууһун турута анньынар. Оннук,
тоҥ Сэргэни сылаас тыынынан илгийбэхтии түһэн баран, тым-
ныы салгыны бурҕаҥната үөрүн диэки сүүрэн батыччахтыыр.
    Оччоҕо тулаайах Сэргэ тоҥ кута ирэн, Чооруос чыычаах
курдук илигирии мөхсөн, эмиэ олох олорон, эрэҥкэдийии, кэ-
тэһии муҥар ылларан киирэн барарга дылы.
    Илинтэн ала Буркун туран, хаары тибэн өрүкүттэ. Сир-хал-
лаан сиксигэ мэлийэн, туох барыта биир кэм үрүҥ күдэриги
саба тардынна.
    Тыа баһа суугунаан, тыал сирилэс тыаһа улам эрчимирэн
истэ.
    Хаахыныыр мас эмиэ үгэһинэн истиэхтэн сүөргүтүк хабы-
рынан, түүлүгэр баттаппыт киһи курдук иҥиэттэн, бабыгыраан
киирэн барбат дуо? Бу турбут тыал хаһан астыар диэри, дьэ,
эмиэ сорун буллаҕа. Уон икки сыллааҕыта этиҥ силлиэтэ кини
чыпчаалын булгу сөрөөн ааспыта. Онно умнаһа кытары хабыры
барбытыттан ыла итинник дьоҕус да тыалга хаахыныы турар
идэлэммитэ.
    Өкөгөр Тиит Хаахыныыртан түҥнэри хайыһан бөгдьөллөн ту-

 164
   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168   169