Page 167 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 167

дигирэн төннөҕүн. — Иккиэн ах баран, уоттарын одуулуу тур-
дулар. Уйбаан кураанах маһы хайыталаан, эбии оттон биэрдэ:

    — Чох таҕыстаҕына, били үтэһэлээх эппитин анньан ылыах-
пыт этэ. Эн ити сэпкин тохтотон, сынньата түс эрэ. Мин ук-
кунньахха маста булуум, — диэтэ уонна сүгэтин тоҕонохтонон
баран, боруор түһэн эрэр тыа саҕатын диэки тоҥуу хаары
оймоон хаама турда.

    Бөөтүс массыынатын мотуорун тохтоппутугар алаас иһэ
чуумпуран үмүрүс гынарга дылы гынна. Уот умайан таһыргыы-
ра, киһи атаҕар хаар кыычыргыыра, сөтөллөрө, көхсүн этитэрэ
барыта дьыбардаах киэһэ алаас иһигэр бүтүннүүтүгэр дуо-
рааннанан иһилиннэ. Биэдэрэҕэ чэй оргуйан бүллүгүрээтэ,
кыратык таһынан баран, уот сырдьыгынаата. Уол чэйин кэ-
бистэ, кыратык көйөрө түһээт, улаханнаах кыра хороҕор иһит-
тэргэ кутан баран, бүөлэтэлээн кэбистэ. Онтон хаар уулуу ох-
сон, массыынатын айаҕар кутта. Тыаҕа сүгэ тыаһаата. Сотору
дьоҕус тиит охтон барчаланна.

    — Иван Семёнович, чугас да маһы охторуо эбиккин, — диэ-
тэ Бөөтүс, бысталаммыт маһы сүксэ сылдьан.

    — Тыа саҕатынааҕы маһы тыыппат баҕайы диэн сиэри ту-
туһаммын.

    — Сиэр диэн… Сырыы аайы тутуһан иһиэх диэтэххэ, эмиэ
сокуон курдук эрэйдээх суол быһыылаах ээ. Наар төгүрүмтэтэ,
наар чиэскитэ.

    — Арааһа, сиэр диэн культура буолуо ээ. Тутта сылдьыы,
айылҕаны кытары дьүөрэлэһии культурата. Суут-сокуон диэн
быһаччы хааччах буоллаҕа эбээт. Эҥин эгэлгэ бөтөстөрү бүк
баттыыр, үүннүүр-тэһиинниир уорган. Дьэ ол иһин маннык айыл-
ҕаҕа тахсаат, сорохтор үүнэ-тэһиинэ суох, бас-баттах, күрүө-
йэх ороспуонньук курдук, дьаабыланан сылдьаллар…

    Уоттарын булкуйан, чоҕун мунньан баран, тимир үтэһэҕэ
анньыллыбыт бэлэм эти таһааран сырайбыттарыгар өтөр-наар
биллибэтэх минньигэс сыт дыргыйда.

    Улам хараҥаран барда. Халлааҥҥа сулустар бачыгыраһан
таҕыстылар.

    — Уу, бу сулустары көрүүй!
    — Кырдьык даҕаны! Маннык сулустары көрбөтөҕүм ыраат-
та, — диэтэ Уйбаан уонна сонньуйда. — Киһи да күлэр, туорат-
тан истэллэрэ буоллар, бу хантан күөрэйбит дьон кэлэннэр,
бэл, халлаан сулустарын көрө-көрө сөҕөн-махтайан эрэллэрий
диэх эбиттэр.
    — Кырдьык, оннук, — Бөөтүс күллэ. — Төрөөбүт айылҕабы-

                                                                                                                                     167
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172