Page 170 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 170
гас-ыраах уоттарын холбоон сандаарыҥнатта. Эргэ балаҕан
иннигэр иҥнэйэн турар Сэргэттэн ураты туох да суох.
— Арай мин көрдөхпүнэ, ити сэргэ хамсаан, көнөн кэлэргэ
дылы гынна ээ…
— Ээ, бу киһи доҕор, өстүөкүлэ долгунугар түбэһиннэрэн
көрдүҥ ини, — Уйбаан дьэ, быһааран, күллэ.
— Оннук эбитэ дуу? — Бөөтүс соччо итэҕэйбэтэхтии кэтэҕин
тарбанна.
— Кырдьык, ол оройугар, санныгар хаар түспүтэ үкчү маҥан
куобах бэргэһэлээх, саҕалаах курдук эбит ээ. Барахсан, киһи
аһыныах, иҥнэри түһэн тураахтаатаҕа.
Олорбохтуу түһэн баран, тахсан сөҕүрүйэн эрэр уоттарыгар
кураанах мас быраҕан күөдьүтэн биэрдилэр. Уйбаан оргууй
аҕай Сэргэҕэ тиийэн, көрөн турбахтаан баран сылаас ытыһы-
нан имэрийэн ылла.
— Барахсан…
— Уйбаан, эн бэйэҥ төрөөбүт алааскар төһө сылдьаҕын? —
диэтэ Бөөтүс, уот аттыгар туран.
— Суох… Сылдьыбатаҕым ыраатта.
— Тыый, ол тоҕо?
— Ким билэр… Тоҕо эрэ санаам буолбат. Хайдах эрэ ха-
раастабын дуу, хайдах дуу?
— Дьиибэ эбит.
— Оннук. Ол да иһин сырыы аайы тиийбэккэ сиирэ-халты
сылдьабын. Бу дойду сайыҥҥыта баар — айыы сирэ. Сир аһын
эгэлгэтэ үүнэр.
— Сайын анаан кэлиэх баар эбит дии.
— Сайын суол суох. Ити туораабыт маардарыҥ, от үрэхтэ-
риҥ тиллэн, бадараанынан көрөн кэбиһэллэр.
— Хаарыан быйаҥ.
— Этимэ даҕаны.
Уоттарыгар мааҕыҥҥы мастарыттан быраҕан биэрээт, мас-
сыыналарыгар киирэн сыттылар. Уйбаан өтөр мунна хаччы-
гынаан барда. Оттон Бөөтүс түүнү симмэккэ туораата. Сар-
сыарда чэй сылытынан иһэн баран, халлаан сырдыыта сатыы
тайахтарын суолун хайдылар. Сотору уку-суку кураанах төн-
нөн, хомунан дьиэлээтилэр.
Уккунньах күнү быһа буруолуу сытта. Аҕыйах аҕай кыым хо-
йукка диэри кылайа сыппытын кэннэ, хара түүн обургу уһун
отун оттоторо кэлиэ дуо — биир-биир ыйыстыталаан кэбистэ-
ҕэ дии.
Сарсыҥҥытыгар эмиэ Буркун күтүр ойон туран, хаары-сии-
170