Page 166 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 166
— Тоҕо? Хараҥара илигинэ тутуу былдьаһыахха буоллаҕа
дии. Баҕар, чугас тохтообута буолуо.
— Буоллун… Чэ, хата, сырдыгы былдьаһа маста мастаныах.
Бу алааска хонорго тиийэбит. Тоҕотун наҕылыччы быһаарыам.
Билигин туттуммахтаан хаалыах.
— Сөп, — Бөөтүс соччо сөбүлээбэтэҕэ өтө көстөр.
Иккиэн массыыналарыгар тиийэн, сааларын уурдулар. Ти-
мир күрдьэх, сүгэ, биэдэрэ таһаардылар. Уол сонно тута сэр-
гэттэн чугас хаары хаһан бурҕатан эрдэҕинэ киһитэ тохтотто:
— Кэбиһиий, доҕоор, арыый дьалты соҕус ити диэки ха-
һыый. Ыалдьыт ааттаах дьон ыал тэлгэһэтин ортотугар кутаа
отуннахпытый?
Уол өс киирбэх туора хаамта эрээри, уоһун иһигэр ботугу-
раата:
— Ханна баар ыалы.
Уйбаан Хаахыныыр Мас хаппыт төбөтө хаарга үллэйэ сыта-
рын оруу тардан ылан, мастаан көтөҕөн кэллэ. Уот оттуллуор
диэри Бөөтүс күөлгэ киирэн, төлөн ыас хара буолуор диэри
салаабыт биэдэрэтигэр муус көйөн таһаарда.
— Син сүүнэ күөл эбит. Мууһа дьэп-дьэҥкир, хайдах эрэ
элгээннии кытыытыттан эмпэрэ дириҥ эбэ быһыылаах. Балык-
тааҕа дуу? — диэтэ биэдэрэтин бэлэм көлөҕө ыйыы туран.
— Дьэ бэрт, муус уута барахсан амтанныын чыҥха атын ээ.
— Бэйи эрэ, Уйбаан, эн хаар уутун тоҕо сирэҕиний? Дьи-
ҥэр, хаар уута да бачча түҥкэтэх сиргэ ырааһа чахчы ини?
— Куртаҕым аһыйар ээ. Туохтан гынара эбитэй? Хонон тур-
дах аайы ырааспыт да аҕыйаан иһэр ээ. Халлааны аллараттан
көрдөххө эрэ ырааска дылы. Дьиҥэр, туох баар-суох куһаҕан,
дьаарбыт-чааммыт бүтүннүүтэ халлааҥҥа көтөр. Оттон хаар-
самыыр ону иҥэринэн төттөрү түһэн эрдэҕэ.
— Чэ, кэбис, Уйбаан, инньэ дии санаатахха, киһи сатаан да
сылдьыа суох. Барыта кирдээх, дьаардаах…
— Кырдьыга да, оннукка тиийэн эрдэхпит. Бэл, хаһан аһыыр
сылгыбыт этигэр химическэй уоҕурдуу биллэр буолтун кэннэ.
— Ити аан дойдуну бүтүннүүтүн саба көппүт процеһы утар-
сан да диэн…
— Оннугунан оннук эрээри, киһи саҕа бөҕө үөн аҕыйаҕа
чахчы. Кыра уоҕурдуу аайы хомуллуохпут суоҕа, оннооҕор буо-
луох дьааты иҥэринэн илдьэ сырыттахпыт, — Уйбаан саҥа
таһааран ыҥыранар курдук үөһэ тыынан баран алааһы эргиччи
көрдө. — Ол да иһин маннык ийэ айылҕаҕа киһи тардыһыыта
күүһүрэн иһэр. Хайдах эрэ ырааһырбыкка дылы буолан, чэб-
166