Page 165 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 165
ран, Тыалга биэтэҥнээн адаархай мутуктаах баһын быһа ил-
гистэргэ дылы. Ортоку мутук салаатыттан тыс үтүлүк саҕа көп
хаар быһа ыстанан, лоп курдук тоҥ Чооруос үрдүгэр тиийэн
түстэ.
***
Киэһэ боруор түһүүтэ Өкөгөр Тиит туһунан тумуһахтыы өтөн
киирбит хойуу иирэ талахха Хара Тыа маанылааҕа, сэттэлээх
атыыр тайах акылдьыйан киирэн, аһыы турда.
Арай ол кэмҥэ Арҕаалыыр Аартыгынан бороҥ дьүһүннээх
массыына бурдьугунаан киирэн, тохтоотун кытары чочумча
буолаат, саалар тыастара дэлбэритэ баран, иһийэн турбут
чуумпуну хайыта көттө.
Тайах дьигис гынаат, иннин диэки сулбу ыстанан иирэ тум-
сунан ырааһыйаҕа таҕыста уонна атара сэлиинэн тоҥуу хаары
бурҕатан Сэргэ аттынан, тэлгэһэ хаба ортотунан, сүүрэн ааста.
Ол ыккардыгар саалар тыастара эмиэ дэлбэритэ бардылар.
Буулдьа түстэ быһыылаах, балаҕан тойон өһүөтүн төрдүнээҕи
сэбэргэнэтин диэки буордаах хаар өрө бурҕайда, онтон Сэргэ
баһа балтанан охсуллубут курдук доргуйа түспэт дуо?!
Массыына күп-күөҕүнэн уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ тэлгэһэҕэ
ыга анньан кэллэ. Икки киһи сааларын туппутунан ойон таҕыс-
тылар уонна сибилигин аҕай атаралаабыт тайах суолун хай-
дылар.
— Бу барбыт, оо, ойбут да ойбут!
— Кытаат, Бөөтүс, үчүгэйдик сирийэн көр эрэ, хаан тохтубут
дуо? — диэтэ кырдьаҕаһа, дэдэйбит модьу киһи, ачыкытын
сотто туран.
— Ким билэр, пока көстүбэт, — Бөөтүс моонньун уһатыа-
ҕынан уһатан, тайах суолун батыһан, хаары оймоон, тыа саҕа-
тын диэки бара турда.
— Баар! Баар, Уйбаан!
— Тугуй? Туох баарый?
— Хаан!.. Хаан тохтубут!
— Буот! Көрдөр эрэ! — Уйбаан халыҥ хаары оймоон Бөөтүс
диэки, бэйэтин көрүҥэр холооно суох чэпчэкитик туттан, сүү-
рэн көөһөйдө.
— Хайыа?..
— Бу… Ити эмиэ. Ол тохто-тохто бара турда.
— Чэ, бэрт эбит. Ити аата табыллыбыт.
— Оччоҕо эккирэттэхпит дии.
— Ээ, доҕор, тохтоо. Итинниккэ ыксаабат куолу.
165