Page 174 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 174

от үрдүнэн оһуордаах этэрбэһин төбөтүнэн үктэнэр-үктэммэт
дугулдьуйан ити балаҕан иһигэр киирэн хаалбыта.

                                  ***

    — Бээ-бээ… Хайдах-хайдах этэй?
    — Суох-суох, оннук судургу буолбатаҕа. Ыраахтан туох ба-
рыта дьэҥкэрэр үгэһинэн, токур суол көнөн, ыйыллыбыт сөл-
лөн көстөр баҕайы.
    — Даайалаах Сиидэр маҥнай, оччоҕо саҥа холбоспут эдэр
ыалга, Ылдьаалаахха көрсүбүттэрэ. Даайа эдьиийигэр күүлэй-
дии кэлбит этэ. Оттон Сиидэр Ылдьаалыын оҕо эрдэхтэриттэн
биир алааска үөскээбит атастыылар.
    Чугас эргин ыччат мустан ол түүнү эргитэн оһуохайдаан-
оонньоон туораабыттара. Даайалаах Сиидэри маҥнай бэйэ-
лэринээҕэр туора дьон атылыы көрбүттэрэ. Сиидэр, оччоттон
көһүүн киһини атаһа Ылдьаа обургу дьэргэлдьитэн тулутуо дуо,
ол саас мантан икки көстөөх Үүттүгэннээх диэн Кэҥкэмэ үрдү-
гэр турар алааска Даайа дьонугар тиийэн, илии охсуһуннар-
быттара. Ол кэпсэтии кэнниттэн, оччотооҕу сиэр быһыытынан,
Сиидэр кыыс дьонугар үс сыл үлэлээн эрэ баран, биирдэ Даа-
йатын сүгүннэрэн аҕалбыта. Ол кэлэр олоҕу кэрэһилии түс-
түүр, бэлэмнэнэр дьоллоох сыллар этилэр… Сиидэр мас кэр-
дэн, тиэтэйбэккэ, уһун үйэлээх буоллун диэн кичэйэн куур-
дан-хатаран, үһүс сылыгар бу Орто Сурт алааска хотонноох
балаҕан, ампаар, күрүө-хаһаа туттубута. Ылдьаа буоллаҕына,
үс сыл чочуйан, доҕорун тэлгэһэтигэр Сэргэ туруорбута.

                                  ***

    Туохтан саҕаланна этэй, ол бастакы олох? Сэргэ буолуон
иннинэ кини, мас киэнэ көнөтө, киилэ, чэгиэнэ тиит, оол-ол
Тумул тыаҕа үүнэн турбута. Өссө ол иннинэ кини, аарыма кыр-
дьаҕас тиит туораҕа, Сир Ийэ сылаас хоонньугар сытан, уох-
таах сүмэһининэн утахтанан, тыын киллэрэн хамсаан кэлбитэ.
Онтон хас эмэ хос кур көтөҕө дьапталҕатын өрө сүгэн тахсан,
Күн аннын өҥөйөн көрбүтэ. Оо, оннооҕу сырдыгын, аһаҕаһын,
киэҥин-куоҥун, көҥүлүн! Кыракый үнүгэсчээн Сир Ийэттэн
тирэнэ-тирэнэ Күн диэки таласпыта. Сонно кини ити билиҥҥи
доҕоро Сиккиэр Тыал обургу сирилээн кэлэн, Тумул тыатын
бүтүннүү куугунаппыта, тугу эрэ көрдүүр курдук, хас оту-маһы
ааҕа сиксийбитэ, онтон кинини булаат, оччоттон баччааҥҥа
диэри илдьэ сылдьар омунунан саҥа аллайбыта:

    — Тыый, көр эрэ! Көр эрэ, бу буллахпын! Үнүгэсчээн тах-

 174
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179