Page 179 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 179

нааҕы уктарга мэктиэтигэр ыраахтан харааран көстөр моон-
ньоҕон бөҕө үүнэн-үүнэн баран, сиргэ таҥнары саккыраан
хаалла. Хаһан эрэ кийииттэр күн оройугар диэри утуйан ту-
ран баран, оргууй устаҥнаһан тахсан күөс быстыҥа иккилии
ыаҕайаны үргээн киирэллэрэ. Ол аны суох. Хаарыан быйаҥ
бөҕө көҕөрө сытыйан хаалла.

    Айылҕа барахсан силигилии ситэн аны кэхтэр аакка бар-
даҕа. Курус да баҕайы. Барыта элэҥнээн түһэн, эчи, түргэнин.
Арай кыһын обургу уйаара-кэйээрэ биллибэт уһун. Саныы-са-
ныы иэниҥ кэдэриҥниэх. Ол баҕайы ыар тыына эмиэ чугаһаан
истэҕэ. Түүнүн хаһыҥнар түһүөхтэриттэн ыла хатыҥ чараҥнар
саһарчы тартылар. Сотору күөх бүтүннүү суйданыа, таҥнары
саккырыа турдаҕа.

    Ону хайыаҥ баарай? Хайыыр да кыаҕыҥ суох. Барытын ту-
луйан турарга эрэ тиийэҕин. Оннооҕор буолуоҕу тулуйан бач-
чаҕа кэлиллибитэ. Хас маннык дьол, хас эрэл кэлэн барда?
Бу хаһыс сайыный?

    Кэм-кэрдии модун сүүрүгэ оргууй доллойо кутуллар. Ол
күөнүгэр сирдээҕи олох мөлбөйө устар, уларыйар. Арай Сир
Ийэ уонна Киҥкиниир Киэҥ Халлаан эрэ туохха да сынтары-
йыа суох, тугу барытын тулуйуох курдук ымыттыбаттыы дьэбин
уоһуйбут.

    Өссө аҕыйах кэмҥэ онуоха-маныаха диэри сэргэлэр туруох-
тара, тыаллар үрүөхтэрэ…

                                  ***

    Оо, кэтэһэн ахан, кэтэһэн ахан!.. Арай төһө да муҥнаммыт
иһин туох да суох… Туох да суох. Мэлигир, иччитэх. Арай
Киҥкиниир Киэҥ Халлаан обургу уулуу турар оҕус хараҕыныы
мээнэнэн мэндээрийэр.

    Тоҕо баҕас куруһай, кураанаҕай? Туох ааттаах күн ууһун кө-
ҥү көһөрөн ылан, Айыы Сирэ маннык иччитэхсийдэ? Алаата
буолар да эбитин!

    Туох барыта бастаан санааттан, иччи санаатыттан, тутул-
лар. Айыы сирин иччи санаата иилиир-саҕалыыр, иччилиир
да, иччитэхситэр да… Киһи санаата син эмиэ улахантан уу,
уот курдук олус мэтэ-мээрэйэ суох кыыл бардаҕына, айарын
оннугар алдьатан алдьархайга тиэрдэр адьынаттаах.

    Ылдьаа дьоллоох ырыатын ис хоһооно үксэ наар көстүбэт
ыраах, атын дойду уйгулаах туонатын туһунан буолара.

    Сытыы тыллаах бэрдэ онно алҕас иҥнэри этэн кэбиспитэ бу
дойду дьоло, улуу күөл уутун курдук, соҕотохто тоҕо түһэн хаал-

                                                                                                                                     179
   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183   184