Page 178 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 178

***

    Кэбис, ханныгын да иһин син ыччаттаах дьоллоох алаас.
Ыччаттар баар эрэ буоллуннар, этэҥҥэ эрэ сырыттыннар.
Кинилэр да баар буоланнар, дэҥ кэлбит-барбыт эрэ барыта
аныаха диэри «бу били Суртаахаптар алаастара» диэн билэн
эрдэхтэрэ. Аата-суола суох иччитэх алааска кубулуйуу баар,
кырыыска туруу кэриэтэ кытаанах анал.

    Ити балаҕаҥҥа сылы-сыллата биэс уол оҕо төрөөбүтэ. Ол
аайы үөрүү-көтүү, оҕо туһугар түбүгүрүү. Хара сарсыардаттан
хара киэһээҥҥэ диэри наар оҕо бодьууһа, наар оҕо туһа.

    Маҥнай Ньукуу, онтон Миитээ. Үһүстэрэ Баһылай саҥа хаа-
ман иһэн, иһинэн таарымталанан иккиэйэх хонон хаалаахтаа-
быта. Онтон кэһэйэн абааһыны муннараары саха үгэһинэн төр-
дүстэрин уонна бэһистэрин Кыра Ньукуу, Кыра Миитээ диэн
ааттаабыттара. Бары сылы-сыллатааҕы буолан, эгил-тэгил
улаатан молоруһан тахсыбыттара. Уол оҕо барахсан, уһуктаах
уһуктаах курдук, борбуйун көтөҕүөҕүттэн наар алдьатар-кээһэ-
тэр адьынаттаах. Ол омос көрдөххө эрэ оннук. Дьиҥэр, кини
ол айар икки, араҥаччылыыр икки аналыгар бэлэмнэнэр бы-
һыыта.

    Ынах маҥыраабат, сылгы кистээбэт, оҕо саҥата чуопчаарбат.
    Уу чуумпу. Аан дойду бүттүүн тугу эрэ бэрт ырааҕы иһил-
лээбиттии иһийэн турар. Кэтэспит санааҕа эбитэ дуу, ханна
эрэ ырыых-ыраах ахсым ат туйаҕын тыаһа табыгырыйарга ды-
лы… Ким эрэ итиччэ тиэтэйэн, туос төкөөнөн тэптэрэн иһэр
дуу биитэр Сир Ийэ сүрэҕин тыаһа битийэр дуу? Кэтэспит са-
нааҕа ини… Бэл, кыһыҥҥы тымныыга сыарҕа кыыкыныырыгар
дылы тыас уһун түүнү мэлдьи чугаһаан да кэлбэккэ, ыраатан
сүтэн да хаалбакка сордуур буолара.
    Түүн хараҥаран, сөрүүкүйэн истэ. Туох барыта томточчу
туолан мөлбөйдө. Силик бүтүннүү сиппит курдук буолла. Ман-
тан ордук туох баарый, аны туох итэҕэһий диэх курдук. Та-
тымсыйар суохха дылы… Арай… Арай бу туолуу туох туһугар
буолара биллибэт…
    Киэһээҥҥи сөрүүн чуумпуга күөл үрдэ ыаммытынан үүттээх
кытыйа курдук үрүҥ чаанынан тыынар. Собо бөҕө сэмсээн
иэннэрэ кытарыҥныыр. Баччаҕа собо уойар, өллөнөр кэмэ.
Ону бултуур киһи суох. Аҕыйах хаардаах халтаҥ кыһын эргий-
дэҕинэ күөл хайыара тоҥуо, оччоҕуна саас сытыйбыт собо сы-
та салгыны тунуйуо. Сиидэр оҕонньор илимнээн таһаардаҕы-
на, Даарыйа эмээхсин чугас ыалларыгар илдьэрэ, онтон ор-
путун хатырыктыы охсон баран, буһаран кэбиһэрэ.
    Алаас кытыытын сыҥаһалыы үүммүт хатыҥнар аннылары-

 178
   173   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183