Page 176 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 176

— Өйдөөмүнэ. Маһы кытары кэпсэппэхтээн төннөөр дэппит
киһи буоллаҕым ээт, — Ырыа Ылдьаа күлбүтэ.

    — Дьылыгыратан түһэн, киһи көрдөр көрөн туруох үтүөкэн-
нээх тиит эбит! Хаарыан мас…

    — Кэбис, инньэ диэн баара дуо? — Ырыа Ылдьаа Сиидэри
саба саҥаран кэбиспитэ. — Мал буолар мас анала, оттон мин
курдук уус киһи илиитигэр киирэн, ытык малга кубулуйуу мас
дьоло буолуо ээ…

    Итинник кэпсэтэн баран ытыстарыгар силлэнэн, өттүктэри-
гэр суураланаат, тиит икки өттүттэн олуктуу кэрдэн охторон
түһэрбиттэрэ. Сыалдьалаан, мутугун солоон, чыпчаалын быһан
баран, хатыс өтүүнэн быалаан Сиидэр суос-соҕотох бас би-
лэр баайынан, Дьаҕыллаах диэн таһаҕасчыт атынан, бу манна
ньылбы состорон киллэрбиттэрэ. Онтон атахтарга туруоран,
сааһа көнөтүн сөбүлээн, хаптаһын гына ытаһанан хайыталаа-
быттара. Ол хаптаһыннартан кэлин туох-туох оҥоһуллубатаҕай?
Бастыҥын таҥара маһа, ол-бу мал-сал уурар долбуур гыммыт-
тара. Онтон ордуга туох түбэһэринэн туһаҕа турбута: күрдьэх,
халҕан, хотоҥҥо долборук, ампаарга мээккэ бурдук холбуйа-
та, оһох ураата, төгүрүк остуол…

    Сэргэни Ырыа Ылдьаа үс төгүрүк сылы быһа таҥастаан,
эллээн чочуйбута. Саас күөх от бытыгыраан эрдэҕинэ, сэргэ
ыһыаҕа диэн анал малааһын тэрийэн, алгыс алҕаан, күүстээх
тыллары этэн, көмүс манньыат үрдүгэр үктэннэрбиттэрэ.

    Сэргэҕэ аан бастаан Дьаҕыллаах бааллыбыта. Барахсан, ту-
һугар эмиэ кэпсээҥҥэ киирбит үтүө сылгы этэ. Били саас-
кы ылааҥыга көстөн ылбыт күөх хайалар уҥуордарыгар үгүс
таһаҕаһы тиэрдэн турар. Сиидэри үчүгэй аттааҕын, бэйэтэ да
сырыыны-мэһиини лаппа кыайарын иһин өрүү таһаҕасчытынан
аныыллара. Оо, онно эҥин диэн оһоллоох-моһоллоох түбэлэ-
ри, кыһыннары сүүрүгүрэр үрэхтэри, муус-килиэ дьайыҥнаах
хайалар арҕастарын дабайаллара үһү.

    Дьаҕыллаах бэйэтигэр анаан оҥорбут сүүнэ улахан силис
сыарҕатыгар таһаҕас бөҕөнү тардан истэҕинэ, хайа эмит сыл-
гы алдьаннаҕына, эчэйдэҕинэ ол таһаҕаһы эбии ууран биэрэл-
лэрэ үһү. Иччитин кытары киһилии эрэ кэпсэппэт, оннук өй-
дөһөллөрө. Ыраах айаҥҥа сылдьан сылгы мөҕөрө, уйуһуйара,
бугуйара ханна барыай, арай онно Дьаҕыллаах дьаҕырыйар-
дыы иҥэрсийдэр эрэ тута сыһыйа, көнө түһэллэрэ үһү. Ол аата
сылгылар эмиэ син дьон курдук сүр баттатар, бас туттар эбит
буоллахтара.

    Ырыа Ылдьаа доҕорун атыгар наһаа ымсыырара.

 176
   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181