Page 175 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 175
сыбыт. Эҕэрдэ, эйиэхэ, саҥа масчаан! — диэн суугунаабыта
уонна кууспалаан имитэ-хомута салыбыраппыта.
— Эҕэрдэ! Оттон эн кимҥиний, тоҕо көстүбэккэ эрэ миигин
дьиибэлиигиний?
— Мин Сиккиэр Тыалбын, Үнүгэсчээн! Мин көрүҥүм суох
буоламмын көстүбэппин, бэйэлээх бэйэм сэбэрэбин, сүрбүн-
куппун сүтэрэн, ону көрдүү сылдьабын. Ол иһин эйигин булан
ыллым дии. Эн биһи доҕордуу буолуохпут. Сөп дуо?
— Сөп.
— Чэ, мин бардым, тиэтэйдим. Кытаат, улаат.
— Чэ, мин эмиэ көрдүү бардым. Ол мин аналым.
***
Оо, эрэйдээҕи!.. Били кыһын оройугар тосту тоҥон түспүт
Өкөгөр тиит мутуга эмиэ ирэн, кэм кэлбитигэр күөх киистэ-
лэрэ өрө анньан таҕыстылар. Тостубутун билбэт муҥа буолуо
дуо?
Ылдьаа алааһын диэки баара-суоҕа үһүөйэх кэҕэ солбуһа
сылдьан түүнү эргиччи эт да эт. Дьэ, кэрээбэт барахсаттар.
Ырыаһыт киһи олоҕун билэн, анаан болдьоспут курдук, бач-
чаҕа сыллата итиннэ мустан түһүлгэлииргэ дылылар.
Киҥкиниир Киэҥ Халлаан обургу эмиэ түүн аайы инчэҕэй
эттээҕи тулуппат үлүгэрдик эҥин эгэлгэ уон араас өҥүнэн
тэбис-тэҥҥэ суһумнуу дьиримниир. Ити ханна эрэ көстүбэт
дойдутугар угуйар-уккуйар уххана… Ол алыптаах дуу, абааһы-
лаах дуу сиргэ суох суһуму уһуннук одуулаатахха, күннээххэ
көстөр күөх унаар Орто туруу-бараан дойдуҥ өҥө-дьүһүнэ
өлөн, үтүгэн түгэҕинии өлбөөдүйэн, уйгулаах да олоҕуҥ улу-
гурбукка дылы буолан көстөр. Ырыа Ылдьаа дьоллоох соннук
адьарай аймаҕын алдьатыылаах албын алыбыгар бас бэринэн,
кутун-сүрүн көстүбэт дойдутугар курдары тартараахтаабыта.
— Сиидэр, Сиидэр! Кэл манна. Буллум. Бу турар эбит! —
Ырыа Ылдьаа чуор куолаһын ой дуораана иилэ хабан ылан,
илин-арҕаа тыалар саҕаларын диэки илдьэ бара турбута.
— Оок-сиэ, үтүөкэн да мас! — Сиидэр иһириктэн тахсаат,
саҥа аллайбыта. — Мин быйыл дьиэм маһын кэрдэрбэр манна
сүүстэ сырыттым, хайаан өйдөөн көрбөтөхпүнүй? Уус харах
диэн ити буоллаҕа.
— Мин дөксө иллэрээ сыллааҕыта муҥха үтүмэҕэр мас көр-
дүү сылдьан бу тиити сэргэ маһа буолсу диэн бэлиэтии көр-
бүтүм.
— Ээ, өйдүүрүҥ бэрт дии.
175