Page 173 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 173
тахсыбыт мал хайдах эрэ тиллэн, тугунан эрэ дьон санаатын
тардар, таарыйар ураты киэптэнэрэ.
Бу Суртаахаптар Сэргэлэрин эмиэ Ылдьаа оҥорбута. Маһы
мас курдук мээнэ эллээн туруорбута буоллар, сүллүгэс курдук
хоройорун эрэ тухары туран баран сууллуох этэ. Ону баара,
айааччытын уус тарбахтара киниэхэ бэйэтигэр алҕаска айыы
тыыны иҥэрэн кэбиспит. Оттон киһи санаатын кытары киһи
кута-сүрэ иҥмит маһа иччитин мас аҥаарын, мас сорҕотун
курдук буолан, эмиэ кини дьылҕатын, кини аналын аҥаардаһан
тэҥҥэ санааргыыр, эрэйдэнэр муҥҥа ылларар эбит. Ол баар
соро… Сорҕото сор. Сорҕото эмиэ да дьол… Икки атах дьо-
лугар-соругар кыттыһар үрдүк аналга тиксиэххиттэн ыла санаа
көстүбэт көнтөһүгэр ыллараҕын.
Дьэ, итигирдик… Ситинник.
Онон кини, Суртаахаптар Сэргэлэрэ, бу алааска иччилэрин
олох олоро сылдьыбыт бэлиэтэ буолан, хам сааллан тураах-
таатаҕа ээт.
Алаас аайы баар ама сэргэ буоллар бэйэтэ-бэйэтигэр, соч-
чо кими да таарыйбакка, кинини да ким да соччолоох сэр-
гээбэккэ эрэ хоройон туруох этэ. Ону баара, айбыта оҥорбут
ураты оһуора-мандара кинини көннөрү ыал тэлгэһэтин малын
сиэриттэн туоратан, көрбүт эрэ киһини долгуппакка аһарбат.
Били Уйбаан курдук бары соһуйа көрөллөр:
— Тыый, бу барахсаны…
— Эрэйдээҕи даа…
— Сордооҕу-у!..
Инньэ диэн маҥнай сөҕө-махтайа, хайгыы көрбүттэрэ си-
тэ ааһа илигиттэн устунан, тулаайахсыйбыта, быраҕыллыбыта
өтөн тахсар быһыылаах, аны аһынан киирэн бараллар.
***
Хаһан эрэ бэрт өрдөөҥҥүтэ дуу, отой өтөрдөөҥҥүтэ дуу, ол
арҕаалыыр айан суолунан Сиидэр уол Даарыйа кыыһы сүгүн-
нэрэн аҕалбыта. Ханан да эбирэ-толбоно суох үүт кэрэ атыгар
кыыһын олордон баран, бэйэтэ тэһиинин тутан, тугу эрэ олус
минньигэһи кэпсэтэ-кэпсэтэ уонна күлсэн кэбиһэ-кэбиһэ чу-
гаһаан испиттэрэ. Ону, ол бэлиэ түгэни, манна мустубут иккиэн-
нэрин чугас аймах-билэ дьоно-сэргэтэ, аан дойду бука барыта
олус сэргээн, одуулаан турбуттара баара… Оттон Сиидэр уол
Сэргэҕэ чуо кэлэн оһуордаах тэһиини туомтуу тардыбыта, Даа-
рыйа кыыс Сэргэ төрдүттэн киниэхэ анаан тэлгэтиллибит күөх
173