Page 185 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 185

ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТИТТЭН

                        Уус-уран айымньы

    Уус-уран айымньы — уус-уран тылынан олоҕу ойуулаан,
чинчийэн к³рд³рүү. Суругунан уус-уран айымньы чопчу аап-
тардаах, суруллубут формалаах, жанрдаах буолар. Олоҕу уус-
уран тылынан ойуулаа´ын литературнай дьоруойдар, уобарас-
тар сы´ыаннарын ти´иктэринэн сити´иллэр. Айымньы ааҕаач-
чыны олох араас м³ккү³рдэригэр, ки´и уйулҕатын хамсаа´ы-
нын дири² умсулҕаннарыгар киллэрэр ураты күүстээх. Ол и´ин
уус-уран айымньыны олоҕу уобарастаа´ын күү´үнэн билии
мындыр оскуолатынан ааттыыллар.

    Айымньы тиэмэтэ — айымньыга туох ту´унан кэпсэнэрэ.
    Айымньы ис хо´ооно — айымньыга туох ис санаа, ис номох
этиллэрэ.
    Айымньы проблемата — дьон-сэргэ (уопсастыба) олоҕор
тыын суолталаммыт м³ккү³рү к³т³ҕүү. А. Е. Кулаковскай «Ойуун
түүлэ» поэматын сүрүн м³ккү³рэ (проблемата) — саха норуо-
тун дьылҕата, тыыннаах буолуу, атын үгүс норуоттары сэр-
гэ тэ²нээх дьон-сэргэ буолан олоххо ки´илии олоруу. Оттон
айымньы проблематиката диэн сүрүн м³ккү³рү куо´уур айым-
ньыга к³т³ҕүллэр атын кэккэ м³ккү³рдэр. «Ойуун түүлүгэр»
норуот дьылҕатын сы´ыары айылҕа уонна ки´и, айылҕа уон-
на олох сайдыыта, икки атахтаах а´ара ү³скээ´инэ, омуктар
сы´ыанна´ыылара, сэрии, ³лүү уонна олох, о.д.а. олох м³к-
кү³рдэрэ к³т³ҕүллэллэр.
    Айымньы идиэйэтэ — айымньы сүрүн санаата. Ааптар туох
сыаллаах-соруктаах, тугу этээри, ханнык ³йг³-санааҕа, м³к-
кү³ргэ дьон-сэргэ санаатын түмээри турунан суруйбута айым-
ньы сүрүн санаата буолар. «Ойуун түүлүгэр» айымньы сүрүн
санаата — норуот тыыннаах хаалар, дьон тэ²инэн сайдар,
ки´и-хара буолар суолун к³рд³³´үн уонна ону тобуларга дьу-
лу´уу.
    Айымньы сюжета — бы´ыы-майгы, бы´ылаан ти´иликтэрэ.
Айымньыга олох ханнык ³рүттэрэ ордук чорботон си´илэнэл-
лэриттэн тутулуктанан сюжет араастарын араараллар: исто-
рическай, романтическай, олох-дьа´ах, мүччүргэннээх, детек-
тивнэй уо.д.а.
    Айымньы дьоруойа (литературнай дьоруой) — уус-уран
айымньыга ойууланар ки´и. Литературнай дьоруой сүрүн, ойо-
ҕос, би´ирэбиллээх, омсолоох, муммут, идеальнай диэннэр-

                                                                                                                                     185
   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190