Page 188 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 188
Уус-уран ньыма
Уус-уран ньыма — литература түөрүйэтин биир т³рүт ³й-
д³бүлэ. Бастатан туран, уус-уран ньыма диэнинэн ускуустуба
олоҕу ойуулуур-дьү´үннүүр сүрүн к³рү²нэрин (хайысхаларын)
ааттанар. Холобура, аан дойду литературатыгар реализм, ро-
мантизм, классицизм, сентиментализм айар уус-уран ньыма
сүрүн к³рү²нэрин бы´ыытынан биллэллэр.
Романтизм ньыматынан суруллубут уус-уран айымньы күү-
рээннээх сюжеттаах, сытыы ис хо´оонноох, ки´и аймах улуу
м³ккү³рдэрин түстүүр, бы´аарарга холонор сырдык идиэйэ-
лээх буолар. Романтическай айымньыларга хорсун, ³рк³н ³й-
д³³х, соҕотох охсу´ааччы уобара´а хо´уйуллар. Романтизм
айымньытын чаҕылхай холобурунан саха литературатыгар
П. А. Ойуунускай «Кы´ыл Ойуун» оло²хо-тойуга буолар.
Реализм ки´и, дьон уонна олох уустук ситимин, м³ккү³рдэ-
рин дьи² олох эйгэтигэр киллэрэн к³рд³р³р, ойуулуур. Реа-
лизм к³рү²нэрэ: сырдатар, критическэй, социалистическай.
Сырдатар реализм сыала — дьон ³йүн-санаатын үтү³ҕэ-
сырдыкка түмүү. Уобарастара: э²килэ суох чаҕылхай ки´и
(«Кырасыабай кыыс»), ки´и аатыттан ааспыт дьү´үн («Кэччэ-
гэй баай»).
Критическэй реализм ки´и (дьон) дьылҕата эйгэ, олох
уустук, омсолоох дьайыыларыттан сатарыйыытын, алдьаныы-
тын ойуулуур («Олох оонньуура», «Манчаары»).
Социалистическай реализм сыала — социализм идиэйэ-
лэригэр, идеалларыгар дьон ³йүн-санаатын тардыы, түмүү.
Олоҕу кырдьыктаахтык к³рд³рүүттэн тэйитэн, о²о´уу уоба-
растарынан сэбиэскэй олоҕу, ки´ини үрдүттэн тупсарыы, киэр-
гэтии суолун туту´уу. Сэбиэскэй кэмнээҕи, ордук 30—60 сс.,
саха литературатын үгүс айымньыларыгар к³ст³р.
Икки´инэн, уус-уран ньыма диэнинэн айымньыга тыл күү-
´үн, кыаҕын, кэрэтин сатабыллаахтык ту´аныы эгэлгэ к³стүү-
лэрин ааттанар. Айымньы тыла-³´³ — уус-уран тыл, ураты
ойуулуур-дьү´үннүүр тыл. Күннээҕи алты´ыыга, кэпсэтиигэ ту-
´аныллар тыл айымньыга судургу суолтатыттан тэйэн, ураты,
уус-уран ис номохтонор. Кини күү´э — этэр ис номоҕор. Х о -
л о б у р а, Амма Аччыгыйа «Атаҕастабыл» сэ´энигэр «Хабырыл-
ла барытын истэр, барытын билэр» диэн этиитигэр ту´анар
тылларын судургу ³йд³бүллэрэ уонна бу түгэ²²э этэр дири²
ис номохторо уратылар. Онон дьи² тыл ускуустубата буолбут
уус-уран айымньыга ту´аныллар тыл-³с — барыта ураты уус-
188