Page 189 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 189

уран суолталаах буолар. Уус-уран айымньыга ³сс³ олоҕурбут
ураты ойуулуур-дьү´үннүүр ньымалар ту´аныллаллар.

    Ойуулуур-дьү´үннүүр ньымалар — уус-уран айымньыга
ту´аныллар тылынан ойуулаа´ын олук, бэлиэ к³стүүлэрэ.

    Аллегория — уобарастаан, ханалытан-кубулутан хоһуйар
уус-уран ньыма. Биир эттик ураты чаҕылхай майгытын көстүүтэ
атын эттиги уобарастааһын ньыматынан туһаныллыыта: куо-
бах — куттас, тураах — киһиргэс, бардам. Ордук хото үгэҕэ
туттуллар.

    Айылҕаны ойуулааһын — тылынан айылҕаны ойуулуур-
дьүһүннүүр ньыма. Уус-уран уобарас ис туругун, иэйиитин
арыйыыга, ааптар көрүүтүн, сыһыанын чопчулааһыҥҥа туһа-
ныллар ньыма.

    Аллитерация — хоһооҥҥо дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ.
Аллитерация көрүҥнэрэ: туруору — устуруокалар инники
дорҕоонноро дьүөрэлэһэллэр; сытыары — дорҕооннор усту-
руока иһинэн дьүөрэлэһиилэрэ.

    Ассонанс — аһаҕас дорҕооннор устуруока иһигэр хатыла-
ныылара.

    Афоризм — ох тыл, айымньыга кылгастык, сытыытык, со-
нуннук этиллибит түмүк санаа. «Суруйааччылар ох тыллара»
диэн анаан чинчийэллэр, хомуйаллар. Ону кытта А. норуокка
биллэн, кэпсэтэр тылга киэҥник тарҕанар.

    Инверсия — этиигэ тыллар бэрээдэктэрин уларытыы, хо-
һооҥҥо үгүстүк туттуллар ньыма.

    Интонация — айымньыга тыл дуораанын эгэлгэтэ, ааптар
иэйиитин, туругун биллэрэр дьоҕура.

    Лирическэй киллэһик — эпическэй, лиро-эпическэй айым-
ньыларга ааптар эбэтэр дьоруой ойууланар быһыыга-майгыга
иэйиилээх ис санаатын, сыһыанын арыйар түгэнэ.

    Маастарыстыба — суруйааччы талаанын таһынан өссө уус-
уран литература баай ньымаларын баһылаабыт, атыттартан
бэйэтин эйгэтигэр ордук ситиһиилэммит, саҥаны олохтообут.

    Метафора — тылы көспүт суолтатыгар туттуу, предмет бэ-
лиэтин атын предмеккэ майгыннатан көһөрөн, холоон ойуулаа-
һын. «Күн күлэр», «силлиэ тыал ытыыр-ыллыыр». Бүтүн айым-
ньы уус-уран уобараһа метафорическай суолталаах буолуон
сөп («Өрүс бэлэхтэрэ».)

    Мэтириэт — уус-уран уобарас дьүһүнүн-бодотун, сирэйин-
хараҕын, таҥаһын-сабын, туттуутун-хаптыытын ойуулааһын.

    Рифма — хоһооҥҥо устуруокалар кэлин сүһүөхтэрэ, тыл-
лара дьүөрэлэһиилэрэ. Рифма түөрт араастаах: кэрискэ, ки-
риэстии, куустарыы, пааралыы. Холобурга, кириэстии рифма:

                                                                                                                                     189
   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194