Page 187 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 187
ма²²а биир кы´алҕанан ситимнэммит хас да сюжетнай кил-
лэ´иктэр баар буолаллар.
Драма — «сценаҕа оонньоон к³рд³р³рг³ анаммыт, дьон кэп-
сэтиитин ситиминэн айыллыбыт уус-уран айымньы, оонньуу»
(Софронов А.И.). Дьон майгыта-сигилитэ драмаҕа дьайыы, тыл-
³с н³²ү³ бэриллэр. К³рү²нэрэ: комедия, трагедия, драма.
Драма (пьеса) — «трагедия уонна комедия икки ардылары-
гар турар, күннээҕи олох утарсыыларын, ки´и уонна уопсас-
тыба хайды´ыыларын к³рд³р³р айымньы» (Окорокова В. Б.).
Комедия — ааҕааччыны, к³р³³ччүнү олох барбах к³стүүлэ-
рин, ки´и кэдэрги майгытын сытыытык ойуулаан күллэрэр,
дьон-сэргэ дьүүлүгэр та´аарар айымньы.
Трагедия — эйэлэспэт ³й-санаа, ты²аа´ыннаах бы´ыы-
майгы уустук к³стүүлэринэн ойууланар, үксүгэр хобдох (³лүү-
нэн, эстиинэн) түмүктэнэр оонньуу.
Резонёр — драмаҕа ааптар олоххо сы´ыанын, идиэйэтин
биллэрэр персонаж. Резонёр, омос к³рд³хх³, бы´ылаан сай-
дыытыгар улахан суолтата суох курдук ойоҕос дьоруой, ол
эрээри кини айымньы ис номоҕун, күү´үн тута сылдьар уоба-
рас. Х о л о б у р а, Күлүк Сү³дэр, Ба´ымньы.
Ремарка — драмаҕа ааптар бы´аарыылара: бы´ылаан буо-
лар сирэ, эйгэтэ, оонньуур дьон уратылара (саа´а, та²а´а,
к³рү²э), сороҕор ис туруга.
Реплика — дьоруой атын сиргэ (уо´ун и´игэр) са²ата.
Лирика — уйулҕа, иэйии хамсаа´ынынан суруллубут айымньы.
Лирика сүрүннээн хо´оон форматынан айыллар. Лирика со-
ҕотох уобара´а лирическэй дьоруой дэнэр. Лирикаҕа хо´оон,
ода, баллада уо.д.а. киирэллэр.
Хо´оон — ки´и ис туругун, уйулҕатын ураты күүстээх хам-
саа´ынын: долгуйуутун, айманыытын, ү³рүүтүн, о.д.а. биэрэр
тэттик айымньы.
Ода — ³р³г³йд³³х, уруйдуур-айхаллыыр айымньы.
Баллада — сюжеттаах, ханнык эмит дьи² олох к³стүүтүгэр
сы´ыаннаах, ки´и уйулҕатын э²силгэнинэн суруллубут айымньы.
Лирикаҕа ³сс³ хас да жанр бэлиэлэрин түмэр лиро-эпичес-
кэй поэма, драматическай лирика киирсэллэр. Кинилэр
хо´оон форматынан суруллаллар, ол эрээри бы´ылаан ти´ик-
тээх, ³р³ күүрсүүлээх, дири² м³ккү³рдээх буолаллар.
Лиро-эпическэй поэма тэнийбит сюжеттаах, сүдү уоба-
растардаах, хас эмэ к³лү³нэ дьон олоҕун к³рд³рү³н с³п.
Драматическай лирика драма к³рү² бы´ыытынан сүрүн
уратытынан дьоруойдар кэпсэтиилэрин ти´игинэн айыллар.
187