Page 3 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 3

КҮНДҮ ДОҔОТТОР!

    Бу үөрэнэр кинигэ эһиэхэ — киһи, олох туһунан толкуйдуур,
ырытар кыахха толору киирбит, улааппыт, ол эрээри эдэркээн,
киһилии олоҕу олоруу суолтатын, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыыр,
норуот туһа, кэскилэ миигиттэн эмиэ тутулуктаах диэн өйдө­
бүлгэ киирбит дьон быһыытынан — токкоолоон, төрөөбүт ли-
тератураны билиһиннэриини ити дьоһуннаах соругу ситиһэргэ
сыаллаан таҥныбыт.

    Саха литературатын төрүттээбит кылаассык суруйааччы-
ларбыт киһи быһыытынан норуот туһун толкуйунан, кини сай-
дар-үүнэр кыаҕын арыйыы мөккүөрдэринэн олохторун туску-­
лаа­быт дьон. Айар тылларын күүһэ, уота  — барыта саха но-
руотун кэскилин түстүүр, ону тобулар, онно далаһа быраҕар,
киэҥ дуолу арыйар аналлаах. Онон бу анал эһиги төрөөбүт
литератураҕытын ааҕаргытыгар, ырытаргытыгар, толкуй эгэл­
гэ толоонугар киирэргитигэр баһылыыр суолталаах буолара
өйдөнөр.

    Өскөтүн А. Е.  Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, П. А.  Слеп-
цов‑Ойуунускай саха олоҕун эргимтэтинэн эрэ муҥурдамма-
тах сүдү айымньылара «Ойуун түүлэ», «Кыһыл Ойуун» киһи
аймах олоҕун тыын мөккүөрдэрин өрө көтүтэн чаҕылытан, өйү-
санааны түмэр, толкуйдатар, мөккүөр бөҕөнү мөҥүрэтэр улуу
күүстээх буоллахтарына, А. И.  Софронов‑Алампа, В. В.  Ники-
форов‑Күлүмнүүр, Н. Д.  Неустроев, о.д.а. айар үлэлэрэ олох
эгэлгэ көстүүтүн, түһүүтүн-тахсыытын кырата суох кыһалҕа-
ларын ойуулаан, олох мындырын, киһилии сиэр-майгы хаһан
баҕарар өрүү кыайыылаах, үтүөнү үксэтэр, олоҕу оҥорор,
дьолго тиэрдэр, дьол туруга киһилии майгы буоларын, ол дьол
ис киэлитин арыйан, ойуулаан, кэрэһилээн этэллэр.

    Айымньылары сиһилии ааҕан баран, ырытыыга, кэпсэтиигэ,
өйү-санааны тургутуһууга үөрэнэр кинигэ эһиэхэ туһуламмыт

                                                                                                                                       3
   1   2   3   4   5   6   7   8