Page 6 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 6

Саха оһуокайа С. А.  Зверев сырдык аатын кытары үйэ-саас
тухары тулхадыйбат ситимнээх. Кини оһуокай дэгэрэҥ матыы-
бынан хааһахтан хостуур курдук кэрэкэ уус тылынан дьүһүйэн,
дорҕооннорун эриэ-дэхси кэккэлэтэн, дьэрэлитэн-куйуһутан
эгэлгэ хоһоонноох оһуокай түһүлгэтин диэлитэрэ, дьон-сэр-
гэ ахтыыларыттан сыаналаатахха, ураты умсулҕаннаах, тар-
тарыылаах, киһини ураты турукка киллэрэр алыптаах буола-
ра үһү. Тыһыынча киһилээх түһүлгэни төрүттээн, дьон-сэргэ
өйүн-санаатын, умсулҕан иэйиитин үмүрү тардан, өрө күүр­
дэрэ диэн кэпсэнэр.

    Сергей Афанасьевич саха сыанаҕа толоруллар үҥкүүлэ-
рин төрүттээбитэ. Кини 30‑тан тахса саха үҥкүүтүн айбы-
та, үгүстэрин туруортуу сылдьыбыта биллэр. Бу  — сөҕүмэр
көстүү. Айылҕа киһитэ, булчут уран тыл күүһүн айылҕа абы-
лаҥ дорҕооннорунуун дьүөрэлээн, саха олоҕун көстүүлэрин
хамсаныынан дьүһүйүүгэ киллэриитэ, ол эбэтэр ускуустуба
араас көрүҥнэрин дьүөрэлээн үҥкүү айыыта, туруоруута  —
чыпчаал, чымаан ситиһии. Күн бүгүнүгэр диэри кини айбыт
«Оһуорун үҥкүүтэ» — саха үҥкүүтүн өрөгөйө. Үҥкүү ускуус­
тубатын сахаҕа төрүттээбит, сайыннарбыт киһинэн Сергей
Афан­ асьевич Зверев буоларын идэлээхтэр, чинчийээччилэр
киэн тутта бэлиэтииллэр.

                   С. А.  Зверев бэйэтин ахтыытыттан

    …Ыһыахха көрбүтүм биһиги дойдуга албан аатырбыт, суон
сураҕырбыт үҥкүү тылын этээччини  — Ырдьаҥ Дьаакыбы!
Мин, атах сыгынньах сүүрэ сылдьар уончалаах уолчаан, онно
аан бастаан билбитим ырыа алыбын, тойук умсулҕанын, тү­
һүлгэ кэрэтин. Дөйүөрбүт курдук таалан турбутум, онтон сал-­
ҕалас буолбутум; ис-испиттэн кычыгаланан үөгүлүөх, сүү­
рүөх-көтүөх санаам киирэн кэлбитэ. Көр, ол курдук, тойук
илб­ иһэ эппэр-хааммар, сүрэхпэр-быарбар үйэ-саас тухары
иҥэн киирбитэ.

    Дьэ, ол күнтэн ылата, түһүлгэттэн түһүлгэҕэ, ыһыах-
тан-ыһыахха үҥкүү тылын аатырбыт этээччилэр биир да тыл-
ларын энчи түһэрбэккэ, батыһа сылдьан истибитим, дьону
кытта хаамсаммын, үтүктүһэр буолбутум. Уон иккибин туолбут
сааспар Тураҥнаах ыһыаҕар аан бастаан оһуокай тылын эп-
питим. Титирэс, хатан куоласпын, оҕо диэн сэнээбэккэ, киэҥ
түһүлгэ ылласпыта… Аатырбыт ырыаһыт Ырдьаҥ Дьаакып
илиибин кытаанахтык тутан испитэ… Онно билбитим, онно

   6
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11