Page 9 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 9
Суугунуу куугунаан
Субу аҕай түһэн иһэр эбит!
Онуоха мин, арай,
Ис-испиттэн этим сааһа аһыллан,
Ийэ кутум иэйэн,
Иичээн да кулгаахтаах
Истибэтэҕин истибитим,
Көрбүөччү да харахтаах
Көрбөтөҕүн көрбүтүм.
Ол, доҕотторуом,
Табык тыаһын дарбааныттан да атына,
Дьөлөккөй күпсүүр ньиргиэриттэн да күүстээҕэ,
Иирэр дьаҕа илбиһиттэн да дьиктитэ,
Хомус ырыатын хомуһунуттан да уратыта.
Биэрэстэлээх сиринэн тэнийэн,
Көстөөх сирдэринэн күөнтээн олорор
Күтүр тииттэр көҥдөйдөрүнэн
Күҥкүнэччи үрэр сүҥкэн туруупкалардаах,
Тэҥкэ тииттэр кумалааннарынан
Лиҥкинэччи охсуллар ньиргиэр барабааннардаах,
Хайыта барбыт мастар дьабааларынан
Хатаннык часкыйар хамыстардаах,
Тырыта барбыт мастар тырыыҥкаларынан
Сытыытык кыланар кырыымпалардаах
Анысханнаах айылҕам
Араас эгэлгэ куоластаах
Айдам-дуораан аркыастыра диэн
Айыллан аххан, манна үөскээбит эбит!
Баар эбит манна, —
Бу дохсун муусукаҕа, —
Киэҥ тайҕа кэтит көхсүн
Киҥкиниир лиҥкинэс ньиргиэрэ,
Улаҕата көстүбэт улуу дойдум
Уорааннаах модун тыына,
От-мас лабаатын
Уран долгураҥ суугуна,
Ахсаана суох элбэх
Айгыр-тэлим сэбирдэх
Кэриим тыаллыын сипсиһэр
Кистэлэҥ кэрэ кэпсэтиитэ,
Муҥура суох үгүс тыһыынча
Мотуок нуоҕай мутукча
9