Page 12 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 12
Үмүөрүһэн түспүттэр,
Күөх бөлкөй ойуурдар
Күөгэйэр лабааларынан
Куустуһа түһэ-түһэ
Куруугунан эргиһэн,
Титириктэр, харыйалар
Тэллэхтэрэ тэлээристилэр.
Тэтиҥ мастар онно
Тэйэ соҕус тураннар,
Тэлибирэс сэбирдэх муусукатынан туолан,
Тэбис-тэҥҥэ
Тэмтэйэ тэбэн,
Дэгэлдьиһэ битийэ турдулар.
От-мас быыһынан
Маҥан атахтаах хахыйахтар,
Барылас сэбирдэх муусукатынан туолан,
Бааралаһа-бааралаһа
Лагларыһан бардылар.
Бөлтөрүһэн үүммүт
Бөлкөй талахтар,
Чуоҕуспахтыы түһээт,
Чохчоохойдуу ойдулар.
Үрдүк үөл тииттэр нөрүһэн тураннар
Үрүт чыпчаалларынан куоҕалдьыһан,
Айгыр лоһуор лабааларынан
Аргыый аҕайдык сапсынан,
Наҕыл бытаан үҥкүү
Намылыйар долгураҥар бигэнэн,
Нарын-нарыннык хамсыы
Намылыһа турдулар,
Тэҥкэ тииттэр лиҥкинэһэн,
Дьирэһэ тэбинэн тураннар,
Имил-дьимил иһийэн
Иһиллиир курдуктар.
Арай аймаҕын, ыччатын сүтэрбит
Аҥаардас хаалбыт аарыма кырдьаҕастыы,
Хаппыт муҥурах мастар
Хара күлүккэ ханыылаһан,
Туох да кэрэни кэрэхсээбэттии,
Туохха да иҥээттибэттии,
Түүл-бит курдук
Луҥкура барыһан тураллар.
12