Page 16 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 16
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Уус-уран литератураны чинчийииттэн
Бу — биэс ырыаттан таҥыллыбыт, ааптар бэйэтэ суруйбутунан,
олоҥхо-тойук диэн саанырдаах айымньы. Эһиги олоҥхо-тойук үһүс
уонна бүтэр тиһэх олугун кытта билсистигит. Бэйиэт В. Т. Сивцев бу
айымньыны С. А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 100 сылын көрсө ыры-
тыытын билсиһиҥ.
Айхал эйиэхэ, аар тайҕа!
Олоҥхо-тойук — норуот сүдү ырыаһыта Сэргэй Зверев модун
тыынынан, уран тылын сүмэтинэн уонна бөлүһүөктүү өйүн өтө көрөр
күүһүнэн тыктарыллыбыт, тэҥнээҕин булбатах сомоҕо алмаас таас
курдук айымньы.
Маҥнайгытынан, норуот аатырбыт ырыаһыта туохтан күһэллэн бу
айымньыны суруйарга санаммытын билэбит. Сааһыран иһэн, биэс
уонуттан тахсан баран, төһө да ырыаһыт аатыран, биллэн-көстөн
дорҕоонноохтук аатырдар, өссө да санаатын ситэ этэн, ыччатыгар
хаалларар хаарыаннаах ырыатын айа илигин курдук толкуйдаммыт,
сүдү киһи сөҥөдүйэн ылбыт уонна маннык ыйытыммыт:
Кэннигэр кэбиһэр
Кэс тылыҥ ханнаный?
Ыччаккар хаалларар
Ытык ырыаҥ ханнаный?
Төрөөбүт тайҕаҥ
Төлкөтүн түстүүр
Төрүт өһүҥ
Түмүгэ диэн тугуй?
Ыарахан ыйытыктар. Улахан киһи улахан санааҕа ылларар. Ыарыр
ҕатар. Ырыа эрэ буоллун диэн ыаһахтанар кэмэ уурайбыт ытык кыр
дьаҕас, улуу булчут иитиллибит ийэ тыатын, таалалаан үөскээбит
тайаадыйар тайҕатын туһунан иһиллэ илик кэрэ дьикти ырыаны айар
га холонор.
Этинэн-хаанынан эрэйдэнэн, тилэҕэ тэнийэн билбит, таптаа-
быт улуу тайҕатын ойуулуур-оһуордуур тыллара ураты күүстээхтэр.
Айылҕа тыына тыыннанан, от-мас саҥатын истэ үөрэнэн ырыаһыт
тыла-өһө итэҕэтиилээх буолар эбит. Кини саҕа улуу булчут, сүдү
ырыаһыт урааҥхай сахаҕа баара биллибэт, ол киһи ис санаатын кис
тэлэҥин, иэйиитин күүһэ туохтан үөскээбитин тоҕо тэбээн маннык
этэрин истиэххэ дьикти кэрэ:
Тыаны, маһы тыаһатан ааһар
Тыал сипсийэр тылын таайарым,
16