Page 21 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 21
Ааҕыы, ырытыы
ДЬУЛУРУЙАР НЬУРГУН БООТУР
(олоҥхоттон быһа тардыылар)
1. Киириитэ
Былыргы былдьаһыктаах дьылым
Быралыйар быраман мындаатыгар,
Урукку охсуһуулаах дьылым
Уларыйар улаҕа өттүгэр,
Алдьархайдаах ааспыт сылым
Аҥаарыйар анараа таһаатыгар,
Орто туруу дойду
Отут биэс биис ууһа
Ол-бу улуус диэн
Иннинэн сирэйдээххэ,
Ичээн эттээххэ,
Икки атахтаахха
Иһиллэ илигинэ;
Алдьархайдаах аллараа дойду
Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн үөскээбит,
Атара бэйэлээх, арбыйа тиистээх
Аатырар Арсан Дуолай аҕатын уустара,
Адаҕатын кэппитинэн төрүөбүт
Ааттаах Ала Буурай эмээхсин удьуордара
Отут алта биис ууһа диэн,
Ол-бу бииһин ууһа диэн
Көхсүттэн тэһииннээх,
Көрбүөччү харахтаах
Күн айыы улууһугар
Аат ааттана
Ахтылла илигинэ;
Үөһээ үлүскэннээх үрдүк мэҥийэ халлаан
Үөтүүлээх үрүт өттүгэр үөскээбит
Улуутуйар Улуу Тойон оҕонньор,
Уораан-аараан Хотун Куохтуйа икки
Отут тоҕус биистэрэ
Ол-бу бииһин ууһа диэн
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймахтарыгар
Үөрбэ чаҕаан тылларыгар
21