Page 25 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 25
Иэдээни тэрийиэхтэрэ,
Тоҥ суолбутун тордоон
Тор тэһииммитин тутуохтара…
Туттаран туран мэлдьэһэрбит
Тукках буолуоҕа,
Көрдөрөн туран балыйарбыт
Көрдьүн буолуоҕа,
Ыттары кытта ыал буолумуоҕуҥ,
Ыраах ыырданыахха», — дэһэннэр,
Содуомнаах соллоҥ мэнэгэй иирбит
Соҕуруу соххор холорук халлааҥҥа,
Оботтоох уот чупчурҕа дойдуга
Олохсуйбуттара эбитэ үһү…
Түүн сырыыламмыт,
Түүлээх уллуҥахтаммыт,
Түөкүн майгыламмыт,
Алдьатан-талаан барары
Амтаһыйа санаабыт
Арсан Дуолай аймахтара:
«Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймахтара
Атаҕастыы олоруохтара,
Алдьатан-талаан бараммыт
Саһар сирбитинэн
Саарбахсыйа сылдьыахпыт…
Күн өркөн улууһун
Күөмчүлээн бараммыт,
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр
Өрүһүттэрбэккэ киирдэхпитинэ —
Өҕүрүтэллэрэ мөлтөх буолуоҕа,
Айыы хаан аймаҕын
Атаҕастаан бараммыт
Аллараа дойдуга түстэхпитинэ —
Үс күлэр ньүкэн үтүгэн
Үннэн биэрэрэ биллибэт…
Үтүө сир ол баар», — диэннэр,
Алдьархайдаах аллараа дойдуга түһэннэр,
Аныардаах аан дойдуламмыттар эбит…
Үөһээҥҥи-алларааҥҥы
Үөтүүлээх үс биис үрдүнэн
Үөмэн тиийбэт
Үрдүк баһылыгынан
25